Перевод с якутского
бото
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы отдельная подкладка под седлом, изготавливаемая из сена, конских волос или из другого материала; потник
1 аат тыл #
Аты ыҥыырдыырга арҕаһыгар уурар оту, сиэли үүйэн оҥорбут эбэтэр атын халыҥ сымнатыы
Нууччалыы Отдельная подкладка под седлом, изготавливаемая из сена, конских волос или из другого материала; потник
Мэхээс, атын ыҥыырын устан, бототун уолга тэлгээн сонунан сабан биэрбитэ. И. Федосеев Өрүү тимир сөрүөтүн сөрүөлээтэ, Боҕууска тимир бототун ботолоото, Халлаан мөҥүөнэ ыҥыырын Хап гына уурда. П. Ядрихинскай Тэҥн. буутай
2 даҕааһын #
суолт. поэт. Сымнаҕас, көп уонна халыҥ, бөҕө
Нууччалыы Пышный и толстый, добротный (напр., о каком-л. материале)
Буур таба, лөкөй тириилэрэ Бото көп тэлгэх буолбуттар_ _ Таарбаҕанынан таарбайбыттар, Буобуранан буодьулаабыттар, Быыдаранан быыччыктаабыттар. П. Тобуруокап Сир ийэ хойуу бото Сирэм симэҕэ сириэдийдэ, Күн көҕө, норуот дьоло - Көр-нар, үөрүү эймэһийдэ. А. Абаҕыыныскай Тымныыга тоҥорбот Үллэр бото куйахтаах, Куйааска буһарбат Үрүҥ көмүс солотуулаах Уоттаах гаас уһуурар Улуу турбата тардыллан Оҥоһулла охсубутун Сотору буолаат көрдүбүт, Сөрү диэн сөхтүбүт. ПИ КТ
Өссө холобурдар (1)
Балачча, үгүөрү. Θ Довольно большой, довольно значительный. Саастанан куралай буолбут Уолаттарбыт бэйэлэрэ Чороҥ иккиэйэҕин эрэ Буруоланан олорбуттар, Бото соҕус дьон буолбуттар И. Эртюков
3 этии #
Нууччалыы Образное выражение о сроке осуществления чего-л. как о заранее установленном предрешенном, и непоколебимо твердом
Бото болдьох фольк. - туох эмэ буолуохтаах кэмин эрдэттэн ыйыллыбыт эбэтэр кэпсэтиилээх бигэ болдьох диэн хоһуйан этии Мас курдук өрүс алдьаныыта биирдэ эргийэн күөн көрсүөм, хаан харсыам. Бото болдьох, кэтэ кэрдии буоллун. Саха сэһ. 1977. Көрдөр харахпыт дьүккэтин, Көтүрдэр тииспит билэтин, Туналҕаннаах ньуурдаах Туйаарыма Куо балтыбын, Таҥара табатын курдук Таҥыннаран намылытыҥ, Сир симэҕин курдук Симээн сэнньэлитиҥ, Бото болдьох туолла, Барар кэмэ буолла,
П. ОйуунускайӨлбөт үйэлээх айылҕа Өлөр тыыннаах ыччата, Мин барахсан, бу дойдуга Бото болдьоҕум кылгаата. С. Данилов