Перевод с якутского
булт
аат тыл
Нууччалыы то, что добыто на охоте, ловле; добыча
English hunt
Ис хоһооно · 4
1 аат тыл #
Этин эбэтэр тириитин туһанаары айылҕаттан булан өлөрбүт кыыл, көтөр эбэтэр балык
Нууччалыы То, что добыто на охоте, ловле; добыча
Боһомо бултан Улуу буур тайахтан ордук Ботуччу булду Булан көрбөтөҕүм. Саха фольк Өлөрөн баран уоскуйан, Бултаабыт булкунан дуоһуйан, Кылаанын кылбата имэрийэҕин, Киистэтин кэрэтик тэрэтэҕин! П. Тобуруокап Дьааҥы оройуонун балыксыттара өлгөм булт иһин_ _ күүстэрин уонна сатабылларын ууран туран охсуһаллар. И. Данилов
Өссө холобурдар (3)
Булдун былдьаппыт кыырт көҥөөн охсуһуох курдук дьаныардаахтык тыытыргыы-тыытыргыы миигин эргийэ сылдьыбыта
Суорун ОмоллоонБулан өлөрдөххө этэ эбэтэр тириитэ туһаныллар кыыл, көтөр. Θ Звери и птицы, на которых охотятся ради их мяса или меха; дичь. Быйыл тыа булда, ордук тииҥ, бэркэ үөскээбит. Софр. Данилов. Бука, улахан булт - эһэ, тайах да баара буолуо. Далан Билигин бу үтүө түгэҥҥэ Мин саҕа дьоллооҕу булбаккын, Булт суолун күннүктээн ирдииргэ Миигин ылбычча куоппаккын П. Тобуруокап
2 аат тыл #
Этин эбэтэр тириитин туһанаары кыылы, көтөрү эбэтэр балыгы айылҕаттан булан өлөрүү; бултааһын
Нууччалыы Добывание диких зверей, птиц или рыбы с целью использования мяса их в качестве продовольствия или ради их меха; охота, лов, промысел
Тыа булда. Балык булда. Холкуос сүрүн дьарыга - сүөһү иитиитэ уонна булт. Н. Заболоцкай Кини кыра сааһыттан булка үөрэммитэ: туһахтыыра, айалыыра, кэнники сааланара.
Суорун Омоллоон
Өссө холобурдар (1)
Булдунан иитиллэн олорор биир эбээн ыалын тордоҕун иһэ Болот Боотур
3 аат тыл #
Туох эмэ булт кэриэтэ көстүбүт
Нууччалыы То, что добыто или захвачено путем усилий; добыча (напр., о “языке”, добытом разведчиками)
“Булпут үчүгэй, майор эбит”, - диэтэ Шагуров Т. Сметанин
4 этии #
Булкун тутума - булкун кыайан өлөрбөт, куоттарымтыа буол (урукку итэҕэл өйдөбүлүнэн туох эмэ “киртэн” кэхтэн - булт тэрилин туһунан) Ити бултуур сэби дьахтар атыллаатаҕына, булдун туппат диэни истибэккин дуо? Амма Аччыгыйа
Нууччалыы Утрачивать меткость в поимке, поражении добычи (по суеверным представлениям, в результате осквернения чем-л. - об охотничьей снасти, оружии)