ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

бултас

туохтуур

Нууччалыы охотиться, промышлять

1 туохтуур #

бултаа диэнтэн холб. туһ. Бииргэ бултаһар, үлэлэһэр, “Сибис” гынан сэһэргэһэр Алаас “сэрэх” оҕонньотторо, Ыалым, дьонум сорохторо, Мин эмиэ эһигини кытта Бииргэ сылдьар ардым атта. Дьуон Дьаҥылы

2 туохтуур #

Булду бултаа, кыылы, көтөрү сонордоон өлөр

Нууччалыы Охотиться, промышлять (зверей, птиц). [Өбүгэлэрбит] тайаҕы, кыыл табаны, кулааһайы, эһэни, бөрөнү, кырсаны, куобаҕы, саһылы, тииҥи уо. д. а. бултаһаллара

  • БИГ ӨҮөС. Ол оҕонньор, тоҕус уон тоһуур тэриллээх буолан, хабдьылары бултаһар эбит. Эвен фольк
  • Тыыннааҕы тутан аһылыктан (кыылы, көтөрү этэргэ). Θ Ловить кого-л. (о звере, птице). Хаастар кинилэр сымыыттарын хомуйан сиир, оҕолорун бултаһар атыыр кырсаларга өстүйэллэр
    И. Федосеев

3 туохтуур #

Дьону (киһини) өлөрөөрү сонордоо

Нууччалыы Преследовать, нападать на кого-л. с оружием

  • Бандьыыттар_ _ иһирдьэ киирэн, аһы-таҥаһы халаан бараары икки түннүгүнэн Охонооһойу бултаһаллар. Оһоххо хаххалана сылдьан Охонооһой дьороҕойдук хардарар, түннүккэ чугаһаталаабат
    Л. Габышев
  • Кырыктанан киһини эккирэт (кыылы этэргэ). Θ Озлобляться и преследовать человека (о звере). Кыратык таппыккыт буоллар, эһэҕит бэйэҕитин бултаһыах этэ. Эһэ бааһыран баран өлөр эрэ буоллаҕына ойуурга куотааччы
    Т. Сметанин

«Б» буукуба