Перевод с якутского
булуу
аат тыл, аат
Нууччалыы находка, приобретение
Ис хоһооно · 4
1 аат тыл #
бул диэнтэн хай. аата. Оттон күөх харыйаны бэйэтин булуу - дьиҥнээх проблема. Н. Лугинов. Эмиэ саҥа тиэмэ булуута, установка тэрээһинэ, уопут ыытар саҥа ньыманы сыыһыы-табыы. В. Яковлев
2 аат тыл #
көр булумньу. [Бэйбэрикээн] Булуу киэнин бастыҥын Булбут курдук сананан, Титириктэн оҥорбут Титиигэр ойон тахсан, Тигээрдээбит ынаҕын Тиэтэл-ыксал бөҕөнөн Тумугуттан тардыалаан, Туллаҥалыы олордо. И. Чаҕылҕан
3 аат тыл #
Ханна эмэ ыраатан харчыга эбэтэр тугунан эмэ эргинэн булбут ас-үөс, мал
Нууччалыы То, что приобретено, добыто с выездом в отдаленные места за деньги или путем торговли чем-л
Настааччыйата утары тиийэн кэлэн: “Баһылай, доҕоор, дорообо! Эргиэн бөҕөнү эргинэҥҥин, булуу бөҕөнү булан, үп-ас үктэллэнэн кэллэҕиҥ ээ” Саха фольк
4 аат тыл #
көр булумньу. Булчут булбут булуутун Булууһугар түһэрбэт. Лөкөй этин, чоҥкутун Бэйэтэ эрэ сиэбэт. С. Данилов