ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

буулаа

туохтуур

Нууччалыы неотступно следовать, мстить за какие-л. проступки, грехи

Ис хоһооно · 4

1 туохтуур #

Туох эмэ буруй, айыыны оҥоруу иһин эккирэтэн туран өһүөннээ (хол., ийэ кыыл, абааһы, иччи тустарынан)

Нууччалыы Неотступно следовать, мстить за какие-л. проступки, грехи (напр., о тотемах, злых духах и т. п.)

  • Былыр ити таҥарабыт диир көтөрдөрүн - хотойу, кубаны, суору өлөрдөхтөрүнэ, улаханнык буулуур үһү. Ыарыы буолан өлөҕүн. Ол иһин өлөрбөттөр. Багдарыын Сүлбэ. Чугас олорор ичээн эмээхсини аҕалан мэнэриттэрбиттэрэ, Боппууда балта буулаабыт диэн нэһиилэ уоскуйан дьиэлээбитэ.
    Болот Боотур
  • Кинилэри ханнык эрэ атыҥырас абааһы буулаабыт диэн кэпсииллэрэ. Бука, эстэргэ-быстарга булбут үөдэн буолуо.
    И. Федосеев
  • Тэҥн. бурууһаа

2 туохтуур #

Сиэри, тэпсээри арахпакка кэлэ тур (сүөһү, кыыл туһунан); сүөһүнү тарт (сиэмэх кыыллар тустарынан)

Нууччалыы Постоянно приходить и травить (о животных); разодрать, раздирать скот (о хищниках)

  • “Дьэ кырыыстаах хара буор сүөһүтэ буулаан алдьатан эрэр”, - диэн баран, оҕус диэки көрөн кэбистэ.
    А. Софронов
  • Иэдээн буолла, Көстөкүүн, булбатах кыыл буулаата, бөлүүн аппын тардан барда... Биир туора быраҕар бүлтэһи да хаалларбата.
    Л. Попов
  • Тоҕо эрэ мин чүөмпэбэр балык хаппат. Сордоҥ буулаан сытар быһыылаах
    И. Федосеев

3 туохтуур #

Тохтообокко уһун кэмҥэ салҕанан бар (хол., ыарыы туһунан)

Нууччалыы Не проходить, не прекращаться длительное время (напр., о болезни)

  • Кыыспыт бүгүн бэргээн оронтон турбата. Туох ааттаах буулаата буолла.
    А. Софронов
  • Табалары ыыраахсыт буулаан сордотолоото.
    ХС
  • “Хабарҕа сэллигэ диэн ыарыы буулаан сытыарар”, - диэн Өндүрэй хардырҕаабыта
    Н. Якутскай

4 туохтуур #

Кими эмэ ааспакка-арахпакка батыһа сырыт, эккирэт, сойуолаа; күөмчүлээ, атаҕастаа, сабыта түс

Нууччалыы Постоянно беспокоить кого-л., досаждать кому-л.; притеснять, угнетать, нападать

  • “Оччоҕо эрэ үлэһит дьыалата табыллар”, - диэн, атын амырыын “тооппоордор” буулаан кэллэхтэринэ, тоноһор киһи буолуо.
    Амма Аччыгыйа
  • Өлүүнэн тыынааччы өстөөҕү ирдиибит, Өр кэмҥэ буулаабыт өһүөнүн иэстиибит.
    А. Абаҕыыныскай
  • Буулаа диэн ким эмэ арахпатыттан саҥарааччы абатыйдаҕына, ону абааһы көрдөҕүнэ этэр.
    ХС
Өссө холобурдар (1)
  • Тэҥн. адаҕый

«Б» буукуба