ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

быдан

сыһыат, даҕааһын, туохтуур

Нууччалыы давно, давным-давно

Ис хоһооно · 6
I

1 сыһыат #

Элбэх бириэмэ, күн-дьыл анараа өттүгэр, өрдөөҕүтэ, өр

Нууччалыы Давно, давным-давно

  • Барбыта быдан буолла. Кэлэн ааспыта быдан буолла. Ср. казах. будан 'издавна', будан заманда ‘из давних времен’
  • Василий Егорович быдан үйэҕэ умуллан хаалбыт бөппүрүөскэтин тоһоҕоһун, соппойон көрөн баран, киэр бырахта. Софр. Данилов. Бастакы ырыабыт ымыыта, Олохпут сааскыта - барыта хаалбыта Ол быдан сыллаахха Сэргэлээх иккитэ уопсайга.
    С. Данилов
  • Олоҥхо үксэ былыргы дьыллар быралыйар быдан мындааларыттан, үс саха үөскүөн инниттэн, ону ааһан сир, халлаан даҕаны саҥа айыллан эрэр олус эрдэтээҕи кэмиттэн саҕаланааччы
    Эрчимэн

2 сыһыат #

Лаппа (уруккутугар холоотоххо), ырааҕынан

Нууччалыы Намного (по сравнении с кем, что было)

  • Кинилэр сэбиэскэй буойуннар хорсун быһыылара, киһи-аймах эрдэтээҕи кэрэ көлүөнэтэ - гректэр үйэлэрин уустаан-ураннаан чочуйан оҥорбут - мифтэрин, остуоруйаларын быдан баһыйар.
    Суорун Омоллоон
  • Тойонноро урукку дьылларга холоотоххо, быдан киҥнэммит, наһаа киэбирэр, байарыгар-тайарыгар да олус кыһанар буолбут.
    Н. Якутскай
  • Хаһыаттан ааҕан биллибит, Хайҕаммыт биһиги таайбыт: Былаанын быдан аһарбыт, Пятилетканы куоһарбыт
    П. Дмитриев
Өссө холобурдар (2)
  • Быдан дойдуттан Быыра ох курдук Быралыйан кэллим. Биэрэр-биэрбэт тылгытын Биллэрэ охсуҥ эрэ.
    П. Ойуунускай
  • Мин түһээтим... Мин сытарым Быдан дойдум кырдалыгар, Тоҕус дьогдьоот тумулларын Түмүллэр саалларыгар
    С. Данилов

3 даҕааһын #

Уруккуттан баар, өрдөөҕү, баар буолбутуттан элбэх кэм ааспыт

Нууччалыы Давний, древний, старый

4 даҕааһын #

Ыраах баар, ыраах

Нууччалыы Дальний, далекий, отдаленный

5 этии #

Нууччалыы Последнее, окончательное прощание (напр., с покойником или прощание человека, отправляющегося в дальний, трудный и длительный путь, возвращение из к-рого сомнительно)

  • Быралыйар, быралҕаннаах быдан (уххан) дьылларга бырастыы (бырастыыларыҥ) - букатыннаахтык, бүтэһиктээхтик быраһаайдаһыы (өлбүт киһини көмөөрү туран эбэтэр этэҥҥэ эргийэн кэлэрин эрэммэт ыраах, ыарахан мүччүргэннээх сырыыга, хол., сэриигэ бараары турар киһи этэр тыллара) Былаҕай былдьаатаҕа диэн, Быстахтык быыбардаан Былаҕын быһыма - Быдан бырастыы буоллун!..
    А. Софронов
  • “Мин түһэрин түстүм да, күөрэйэрим биллибэт, барарын бардым да, эргийэрим биллибэт. Быдан бырастыыларыҥ!“ - диэтэ да ыастаах кустук курдугунан түстэ.
    Саха фольк
  • “Быдан бырастыы! “ - диирбитигэр, Буору үрдүгэр көмөргө Аһыы сүрэҕи ыкпатаҕа, Харах уута сүүрбэтэҕэ. Эллэй. Миигин хайдах эрэ дьиктитик, Аһынардыы, “Быдан бырастыы” - диирдии Уулааҕынан Унаарыччы көрдүҥ, Уонна тоҕо тиэтэйэ Мин ааммын Аргыый саптыҥ. С. Данилов
II

6 туохтуур #

Биир сиргэ мунньустубакка, ыраах-ыраах биирдии эмэлии баар буолар гына ыһылын, тарҕан

Нууччалыы Рассеяться, рассредоточиться

  • Ардах-самыыр Астан хаалла, Быйаҥ уутун Быһа кутта, Былыттара Быданнылар.
    Күннүк Уурастыырап
  • Үрүҥнэр үлтүрүйбүт этэрээттэрин тобохторо хотунан уонна илининэн тыа устун быдаммыттара.
    Н. Заболоцкай
  • Оҕуруоту тулалаан хоруо буолбут таҥастаах дьон быданан турдулар
    А. Федоров

«Б» буукуба