Перевод с якутского
быдьар
даҕааһын, аат тыл
Нууччалыы скверный, мерзкий, отвратительный
1 даҕааһын #
Киһи сиргэниэн курдук куһаҕан, сидьиҥ
Нууччалыы Скверный, мерзкий, отвратительный
Бостуой Быдьар тылы былаабыт, Ыстырыыс тылы ыллаабыт, Куһаҕан тылы холбообут диэн, Сиргэнэн кэлэйиэххит. А. Софронов “Быдьар да кэмэлдьилээх киһигин, Борис, эн!” - Сергей тахсан иһэн силлээбитэ. В. Яковлев [Фашистскай Германия] Хара дьайдаах харса-хаан, Быдьар быһыы, бардам майгы Иитиллибит сирэ бу баар, - Кыыл арҕаҕа, кыраммыт дойду Л. Попов
2 аат тыл #
суолт. Сидьиҥ быһыы, үөхсүү тылынан саҥарыы, үөхсүү
Нууччалыы Мерзость, скверность, сквернословие
Бу маннык сидьиҥнии, фашистыы Кытыастар хаанынан сууммуту, Кытарар уотунан тыыммыты Дьуккуччу харахтыы илигим, Дьулайдым, быдьартан сиргэнним. С. Васильев Хара сааныыны, үөхсүү тыл быдьарын Маҥнай бу алааска иһиттилэр. Таллан Бүрэ. Саҥаһым бу саҥата хатанын, бу тыла быдьарын
Г. Колесов
3 этии #
Нууччалыы Широколобка (рыба)
Быдьар балык - бэйэтэ, чылбыгыр эрээри саллаҕар бастаах, хатыылаах тириилээх, лапчааннарын хатыылара туора сырдык-хара дьураалардаах өрүс балыга Бэл билигин ким да балыгынан аахпат балыктарын, кыра диэн ааттанааччыны: ынайбыт истээх ырыган лаханы (быдьар балыгы) итиэннэ муора хаахынайын кытта туттараллара. В. Санги Тэҥн. лаха, лааха, лаха балык