ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

түктэри

даҕааһын

Нууччалыы скверный, отвратительный, безобразный (напр

1 даҕааһын #

даҕ

  • Түктэри быһыы.
  • Кырдьаҕас киһиттэн түктэри майгылаах, наһаа кырыктаах.
    Н. Лугинов
  • Лааппы иһигэр икки эр киһи турар, биирдэстэрэ, сытыган сыттаах эти эргитэ сылдьан көрө-көрө, түктэри тылынан үөхсэр.
    Н. Якутскай
Өссө холобурдар (3)
  • Кини таҥаһа киһи көрөрүттэн түктэри дьүдьэх эбит
    Эрилик Эристиин
  • Түҥнэри майгылаах, киһилии быһыыта суох. Θ Мерзкий, дурной (о поведении). Үс биис баһылыктара: "Түҥнэри майгылаах, төттөрү санаалаах Түктэри оҕо төрүөтэ эбээт, бадаҕа!!!" – дэстилэр.
    П. Ойуунускай
  • Оо, олоххо араас да сирэйдээх-харахтаах, түктэри майгылаах дьон баар буолаллар эбит. "Күрүлгэн". Кырдьаҕас таайын түктэри сигилититтэн төһө даҕаны хомойдор, Семён арыый уоскуйан, сымнаҕас куолаһынан эттэ
    ХС

2 даҕааһын #

Киһи өйүгэр баппат куһаҕан, сидьиҥ (хол., быһыы-майгы, тыл-өс)

Нууччалыы Скверный, отвратительный, безобразный (напр., о нраве, словах)

3 даҕааһын #

Олоҥхоҕо-остуоруйаҕа үчүгэй, кэрэ курдук тыллары кытта ситимнэһэн "сатала суох (үчүгэй)" суолтаҕа туттуллар

Нууччалыы В эпических тексатх и сказках в сочетании с такими словами, как үчүгэй ‘хороший’, кэрэ ‘красивый’, употребляется со значением "несказанно, необычайно (красивый)"

  • Таҥас бүтэй этэ көстүбүт, эт бүтэй бүлтэһэ көстүбүт, бүлтэс бүтэй силиитэ көстүбүт уртуус курдук өрө-таҥнары дьалкылдьыйа олорор түктэри бэйэлээх үчүгэй кыыс оҕо.
    Саха фольк
  • Саха киһи төрдө буолбут Сабыйа Баай хотун барахсан Үөгүлээбитинэн үҥнэрин аҕай кытта: Түүлгэ түһэммэтэх Түктэри бэйэкэлээх Куударалаах астаах, Кулун эмньик, Уордаах-киҥнээх Уол оҕо мүччү ойон тахсан, Таас иэнинэн таралыс гына түһэн Татынньахтаабытынан барда…
    П. Ойуунускай

«Т» буукуба