ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

былаас

аат тыл

Нууччалыы власть

Ис хоһооно · 4
II

1 аат тыл #

Судаарыстыбаны салайар быраап, политическай баһылыктааһын

Нууччалыы Власть (политическая)

  • былаа диэнтэн холб. туһ. Муҥ булсуспатын, Сор солбонуппатын, Алдьархай ааҥнаабатын, былаҕай былааспатын.
    Өксөкүлээх Өлөксөй
  • Чаччыынаны чаастанабын, Быыбарынайга былааһабын, Сэтээтэли сэргэстэһэбин.
    Суорун Омоллоон
  • Мин туран дьоҥҥо былааһабын.
    М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (3)
  • Мутукчалаах боруода ортотугар тиит баһыйар, киниэхэ харыйа уонна эриэхэлээх мас (сыалаах) былааһаллар.
    МС МК
  • Үлэһит былааһын көмүскүөх буоламмыт, Үҥүүнү-ыстыыгы тутаммыт турбуппут.
    П. Ойуунускай
  • Сэбиэскэй былаас өрөгөйдөөбүтэ. Онтон ылата Максим Аммосов уонна Платон Ойуунускай албан ааттара күн аайы ааттанар буолбута
    Амма Аччыгыйа

2 аат тыл #

Киин уонна олохтоох былаас уорганнара

Нууччалыы Власть (органы центральной и местной власти)

  • Былаас Дьокуускайдааҕы бэрэстэбиитэлинэн оробуочайдар дьокутааттарын сэбиэтэ буолар, ханнык да мантан атын тэрилтэлэр дьаһаллара сокуоннайынан ааҕыллыбат.
    Амма Аччыгыйа
  • Хас-хас былаас уларыйда.
    С. Ефремов
  • Дьадаҥы аймахха ходуһа бэрдин Сэбиэскэй былаас бысталаан биэрдэ
    Эллэй

3 аат тыл #

Кими-тугу эмэ салайар, дьаһайар быраап уонна кыах

Нууччалыы Власть (право и возможность управления, распоряжения кем-чем-л.)

  • Былааскын үрдэппиккин, батараактары мунньахтан үүрбүккүн.
    С. Васильев
  • Бэйэҕэ эрэл, бэйэ кыаҕын иһинэн былаас баар. Бу икки сыл устата аҥардас институт кылаабынай архытыактарын дуоһунаһыгар олорон баһаам үлэни оҥордум.
    Н. Лугинов
  • Эбээннэр, эбэҥкилэр, чукчалар, дьүкээгирдэр ортолоругар биистэр баһылыктара бэйэлэрин былаастарын, сабыдыалларын ыһыкта иликтэрэ
    И. Аргунов

4 этии #

Былааска киир - судаарыстыбаны салайыыны саҕалаа, былааһы ыл

Нууччалыы Взять власть, встать у власти. 1933 сыллаахха Германияҕа нацистар былааска киирбиттэрэ

«Б» буукуба