Перевод с якутского
бырааһынньык
аат тыл
Нууччалыы праздник
English holiday, festival
Ис хоһооно · 6
1 аат тыл #
Нууччалыы праздник
English holiday, festival
норуот бүттүүнүн бырааһынньыга национальный праздникa national holiday бырааһынньык күнэ общий праздникa public holiday
2 аат тыл #
Ханнык эмэ уһулуччулаах сабыытыйа чиэһигэр тэриллэр үөрүү-көтүү, өрөгөйдөөһүн күнэ
Нууччалыы Всенародный праздник
Норуот бүттүүнүн бырааһынньыга. I Маай бырааһынньыга
3 аат тыл #
Ким эмэ туохха эмэ анаан тэрийбит үөрүүтэ-көтүүтэ, көрө-нара
Нууччалыы Праздник (устраиваемый кем-л. по какому-л. поводу)
Төрөөбүт күн бырааһынньыга. Ыһыах национальнай оонньууга, бырааһынньыкка кубулуйар. Саха фольк Инженер Алексей Емельянов отут сааһын туолар бырааһынньыгар сылдьыбытым. ДФС КК
4 аат тыл #
Туох эмэ үөрүүлээх дьоһуннаах сабыытыйа буолбутун бэлиэтиир күн
Нууччалыы День, ознаменованный каким-л. приятным, важным событием
Кини [Ойуунускай] кинигэтэ таҕыстар эрэ, биһиэхэ, учуутал техникумун устудьуоннарыгар, дьиҥнээх бырааһынньык, үөрүү, былдьаһан ааҕа охсуу, уларсыһыы. Амма Аччыгыйа Сотору быһыт тутуллан бүтэр, [Эдэрдэр] олоххут устата өйдүү сылдьыаххыт, онон бу Күнү бырааһынньык курдук көрсөргө Туох эмэ кэрэхсибиллээҕи толкуйдааҥ И. Гоголев
5 аат тыл #
ан эмэ үөрүү, астыныы-дуоһуйуу
Нууччалыы Испытываемое от чего-л. наслаждение, чувство приятного
Ыалдьыкка кыһамньы уонна кинини кытта сэһэргэһии - ити барыта дьиэлээхтэргэ дьиҥнээх бырааһынньык курдук көстөр. И. Данилов Бүгүн миэхэ бырааһынньык, Маҥнайгы хамнаспын ыллым И. Гоголев
6 аат тыл #
Христианскай итэҕэл быһыытынан бэлиэтэнэр күн, таҥара бырааһынньыга
Нууччалыы Праздник по христианскому календарю (напр., пасха, рождество и др.)
Киристиэп бырааһынньыга буолан, икки-үс күн өрөөн-сынньанан баран, хас да хамыыһыйалары талан үлэлээбитэ.
П. ОйуунускайСуруйааччы урут түҥкэтэх, хараҥа тыа сирин оҕолоро кыһыҥҥы таҥара бырааһынньыгын хайдах атаарбыттарын туһунан кэпсиир. Софр. Данилов. Чакыр Охонооһойо киниттэн [Никонтан] саас аайы - сааскы Киристиэп бырааһынньыгар сүөһү төбөтүн эбэтэр сааскы быстарыы саҕана, аһыыра баранан, бурдук сыыһын ылан “салҕанара”. А. Бэрияк Тэҥн. таҥара