Перевод с якутского
ыһыах
аат тыл
Нууччалыы традиционный якутский национальный праздник, сопровождаемый церемонией (обрядом) кумысопития, благопожеланиями алгысчыта (знатоком, мастерски говорящим, исполняющим обряд благопожелания), хороводным танцем осуохай и состязаниями в силе и ловкости, скачками, национальными играми, ысыах
English the Yhyakh, or Yakut
Ис хоһооно · 4
1 аат тыл #
Саха сайыны көрсөр үгэс буолбут национальнай бырааһынньыга: аһыллыытыгар алгыс, кымыс иһиитин сиэрэ-туома, күн устата күүһү-уоҕу холоһон күрэс былдьаһыы, норуот уус-уран айымньытын ырыанан-тойугунан толорууга, ат сүүрдүүтүгэр, саха оонньуутугар күрэхтэһии ыытыллар
Нууччалыы Традиционный якутский национальный праздник, сопровождаемый церемонией (обрядом) кумысопития, благопожеланиями алгысчыта (знатоком, мастерски говорящим, исполняющим обряд благопожелания), хороводным танцем осуохай и состязаниями в силе и ловкости, скачками, национальными играми, ысыах
Ыһыаҕы тэрийии сиэрэ-туома саха норуотун историческай сайдыытын кытта тэҥҥэ уларыйан испит. Саха сэһ. 1977. Хабыыча ыһыахтарга оонньуон, күрэс былдьаһыан олус баҕарара. ИСА. Мин оҕо эрдэхпинэ дьон ыһыах саҕана туос хастыырын өйдүүбүн. ГПП ТО. Ол тэҥэ урууга, ыһыахха ааттаах сүүрүк аттар бааллара БСИ ЛНКИСО-1994
2 аат тыл #
Көр-нар, ырыа-тойук
Нууччалыы Веселье, игры-песни
Тукаам, эдэр сааһыҥ күрэнэ илигинэ кини кэрэ ыһыаҕар көрүлээн-нарылаан хаал. И. Гоголев Үөһэ баһаам элбэх күөрэгэйдэр бииртэн биир солбуйсаннар, ырыа ыһыаҕын тардаллар В. Иванов
3 этии #
Этиилэр
Күн (күн-ый) ыһыаҕа оҥор (гын)
ый-күн ыһыаҕа оҥор диэн курдук (көр ый-күн).
Мэник Мэнигийээн курдук, эн ону көрүөх бэтэрээ өттүгэр күн-ый ыһыаҕа оҥоруоҕуҥ. Оо ТС.
Ый-күн ыһыаҕа оҥор көр ый-күн
Эһэ быыкаа хайаҕаһынан ньылбырыйан киирээт, урусхаллаабытынан, ый-күн ыһыаҕа оҥорбутунан барар. Н. Заболоцкай Били хаарыаннаах күндү кэһиитин эһэ ый-күн ыһыаҕа оҥорон барбыт. ХС
Өссө холобурдар (1)
Эһэни өлөрдүлэр даҕаны, этин-сиинин бүттүүнүн ый-күн ыһыаҕа, көтөр-сүүрэр аһылыга оҥоруохтаахтар. В. Санги
Ыт-кус ыһыаҕа буол көр ыт-кус
"Ыт-кус ыһыаҕа буолуон кэриэтэ, аһааҕырбыт биэбитин быйыл туттарбыт дуу?" – диэтэ аҕалара. Күрүлгэн.
Ыт-кус ыһыаҕа оҥор көр ыт-кус
Судаарыстыба үбүн-аһын ыт-кус ыһыаҕа оҥорботтор ини. "ХС"
4 этии #
Нууччалыы По преданию якутов ысыах, посвящённый божеству Дьөһөгөй – создателю и покровителю конного скота
Этиилэр
Дьөһөгөй ыһыаҕа
былыргы саха итэҕэлигэр олоҕуран, Дьөһөгөй айыыга анаан ыытыллар ыһыах Былыр сахалар дьөһөгөй ыһыаҕа диэни тэрийэллэрэ.
Күрүлгэн.
Кулун кымыһа (ыһыаҕа) көр кулун
Саас дьөһөгөй оҕотун
сылгыны уруйдаан кулун ыһыаҕа диэни ыһаллара.
ЗФМ ЮИЯ.
Кыыс ыһыаҕа
сулумах эр дьоҥҥо эргэ тахсар саастаах кыргыттары, дьахталлары суорумньулуур сыаллаах-соруктаах ыһыах.
Ысыах, посвящённый сватовству незамужних девушек, женщин.
Ыаллыы нэһилиэккэ кыыс ыһыаҕа диэн сонун ыһыах тэриллэр. И. Гоголев
Омоллоон олоҕо, Дьэргэстэй ыһыаҕа көр олох I
Оҕо аймахха, биллэн турар, Омоллоон олоҕо, Дьэргэстэй ыһыаҕа буолар буоллаҕа дии. КАА АСС
Тунах (тунал) ыһыах
тунах 1 1 диэн курдук.
Чоочо туран, улахан тунах ыһыах оҥорор, дьон бөҕө кэмэ суох мусталлар. Саха сэһ. II. Бытыайаны бу сайын күөх тунах ыһыаҕар таба көрөн, кэргэн кэпсэтэр санаалаах кэлбитэ. Далан [Үчүгэй Үөдүйээн:] Үрүҥ илгэни оҥорор, тунал ыһыаҕы туругурдар уйгу-быйаҥ иччитэ буол! ҮҮА.
Туҥуй ыһыах көр туҥуй
Сыл ахсын дьоннорун-сэргэлэрин мунньан туҥуй ыһыах ыыталлар.
Таҥара ыһыаҕа
дьөһөгөй ыһыаҕа диэн курдук.
Таҥара ыһыаҕа
сылгы төрөөбүт, от-мас көҕөрбүт кэмигэр айыы ойууна алгысчыттаах үөрүүлээх ыһыах.
Саха сэһ. 1977.
Ый-хай ыһыаҕын түһэр
ый-хай (һуу-һаа) бөҕөнү түһэр диэн курдук (көр түһэр).
Саҥа киһи тииҥ саҕа бэйэтэ икки сутуругун болточчу туттан, ытаан ый-хай ыһыаҕын түһэрдэ. Айталын.
Ыһыах ойууна
айыы ойууна диэн курдук. Сэбиэскэй тыыҥҥа иитиллибит буоламмыт, ыһыах ойууна диэни эмиэ билиммэппит. "ХС". Ыһыах сэргэтэ этногр. – ыһыахха эрэ анаан туруоруллар сэргэ.
Коновязь, предназначенная только для ысыаха.
Үксүн тэлгэһэ сэргэтэ, итэҕэл, ыһыах сэргэлэрэ диэҥҥэ арахсаллар. ПАИ СМС. Ыһыах ыйа түөлбэ. – бэс ыйа. Июнь. Ыһыах ыйыгар айылҕа тупсан силигилиир. Ыһыах ымыйа эргэр. – көнө тутаахтаах, атаҕа суох, чорооҥҥо маарынныыр хороҕор мас иһит (быһа холоон, биэдэрэ аҥарыгар биитэр түөрт гыммыттан үһүгэр тэҥ кээмэйдээх). Деревянный жбан с прямой ручкой и без ножки ёмкостью в 3/4 или 1/2 ведра. Ыһыах ымыйаны уонна чороону хатыҥтан оҥороллор. ХС Ыһыах ыс –Ү ыһыахта тэрийэн ыыт. Устраивать, проводить ысыах. Ыраах-чугас сиртэн Ыҥырсан, угуйсан Ыһыах ыһан эрэллэр. С. Дадаскинов
Өссө холобурдар (3)
Сыл аайы Мас Өнүкүй ойууну кыырдан ыһыах ыһар идэлээх этилэр. "Чолбон". Саха киһитэ былыр-былыргыттан Дьөһөгөйтөн куруук көрдөһө-ааттаһа, кинини алгыы сылдьара, ыһыах ыһара. КДьА. Ыһыах ыһааччы –Ү ыһыах тэрийэн ыытар киһи. Организатор, инициатор ысыаха. Ыһыах ыһааччы эрдэттэн сылгытын тутан, биэлэрин ыан, күрүөҕэ-хаһааҕа кулуннары сэлэлээн, биэ үүтүнэн кымыс мунньан, сүөһү өлөрөн бар дьонун күндүлүүр, аһатар. БСИ ЛНКИСО-1938. Эбир ыһыах эргэр. – урут сахаларга: саас ыытыллар орто кээмэйдээх ыһыах. В старину у якутов: ысыах среднего масштаба, проводимый весной. Туҥуй ыһыаҕы торолутар, Дэлэй ыһыаҕы тэнитэр, Эбир ыһыаҕы элбэтэр Эҕэрдэлээх күннэригэр Ырыаларын ыллыктаар.
Өксөкүлээх ӨлөксөйТөрүттэрбит төлкөтө, Өбүгэбит үгэһэ, Былыргыттан быстыбат, Эргэ дьылтан эстибэт Эбир ыһыах ыһылынна. С. Зверев Ср. др. -тюрк. сачыҕ сач ‘совершать жертвенное окропление’, сач ‘рассыпать, разбрызгивать’