Перевод с якутского
хомус
аат тыл
Нууччалыы якутский народный музыкальный инструмент – хомус, варган
English khomus, the Yakut national mouth harp
1 аат тыл #
Икки тимир сыҥаах ыккардынан олордуллубут тылын охсон тыаһатан оонньонор саха норуотун музыкальнай тэрилэ
Нууччалыы Якутский народный музыкальный инструмент – хомус, варган
Иирэ талах курдук имигэс, кэрэ-нарын дьүһүннээх Маайыс быыс буоллар эрэ хомуһунан оонньуур. Амма Аччыгыйа Миигин хомуска оонньуурга ийэм үөрэппитэ. Кини олус этигэн хомустааҕа да онтугар бэйэтэ хам-түм оонньуура. П. Чуукаар Татыйаас оскуолаҕа киирэргэ бэлэмнэнэр, хомус тардары уонна ырыаны таптыыр. Дьүөгэ Ааныстыырап. Ср. ДТС хобуз, тюрк. хомус, комус ‘варган’
2 аат тыл #
, бот. Сүһүөхтээх, үрдүк дороххой көҥдөй умнастаах, төбөтүгэр киистэ курдук хойуу сымнаҕас сибэккилээх, уһун синньигэс сэбирдэхтэрдээх уулаах сиргэ, бадарааҥҥа үүнэр от үүнээйи
Нууччалыы Высокое водное или болотное растение семейства осоковых, камыш
Аллара тулата хоп-хойуу хомуһунан бүөлүү үүммүт уһун синньигэс элгээн хараара сытар. Н. Якутскай Күөллэр кытыыларыгар хагдарыйбыт хомус сыыгыныы тыаһыыр.
КүндэСр. ДТС хамуш ‘тростник, камыш’