ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

туҥуй

даҕааһын, аат тыл

Нууччалыы родящий в первый раз, первородящий

Ис хоһооно · 5

1 даҕааһын #

Аан маҥнай төрөөбүт эбэтэр төрөөрү сылдьар (үксүгэр тыһы сүөһү, кыыл туһунан)

Нууччалыы Родящий в первый раз, первородящий (обычно о самках животных)

  • Аҕам ынах арыыта Амтанныйан астыйдын, Туҥуй ынах суората Тумаланан тубустун.
    Күннүк Уурастыырап
  • [Куутук (тайах оҕотун):] Чээн, төрөөбүтэ уонча хоно илик эбит ээ. Ийэтэ туҥуй буолан быраҕан бардаҕа.
    Р. Кулаковскай
  • П. Ф. Кривошапкина туҥуй тиҥэһэлэртэн икки тыһыынча киилэ үүтү ыырга эмиэ үрдүк эбэһээтэлистибэ ылынан үлэтигэр кыһамньыта улаатта
    Кыым

2 даҕааһын #

Олоҕу ситэ билэ илик, олус эдэр, кэнэн, ыраас

Нууччалыы Не имеющий жизненного опыта, совсем юный, невинный, чистый

  • ээн -- туҥуй сүрэх дьулуурун сылааһынан сыдьаайар сырдык тыыннаах. Софр. Данилов. Глафира туҥуй кыыс симиттэҕэс көрүүтүнэн Кириллини батыһа одуулуура.
    Л. Попов
  • Кини дириэктэргэ хара маҥнайгыттан туҥуй устудьуон уол курдук буолбакка, дьоһуннаах киһилии көстүөн баҕарар
    Н. Габышев
  • Туҥуйдарбыт сатаналар быаны тулуппаттар ээ…
    Э. Соколов
Өссө холобурдар (2)
  • Туҥуйбут эмиэ тыһы тамыйахтанна.
    С. Маисов
  • Биир сүрүн бэлиэ – улахан тумуктаах, бэриҥин тириитэ чараас, киэҥ туҥуй хайаан да үүттээх ынах буолуоҕа
    Кыым

3 даҕааһын #

Ким да тыыта илик, тыытыллыбатах, ып-ыраас (хол., сир)

Нууччалыы Нетронутый никем, первозданный (напр., земля, почва)

  • Кини бэйэлээх аны бу эн барахсан дьоллоох туҥуй ньаассын кырыскын алдьаттарда, дьоһуннаах толуу үөл маскын үөрэҕэстэттэ.
    Күннүк Уурастыырап
  • Сирин ньуура дэхси, буора туҥуй буолан баран, уохтаах буолуон сөп
    В. Титов

4 аат тыл #

суолт. Саҥа төрөөбүт сүөһү, кыыл тыһыта

Нууччалыы Первородящая самка, новотёл

5 этии #

Нууччалыы Совсем юный, невинно-чистый. [Лоокуут, Ньургуһун:] Уһугуннун Уу-чуумпу сүрэхпит!

Этиилэр

Оҕо туҥуй

олус эдэр, кэнэн, оҕолуу ыраас Тобулуннун Оҕо туҥуй санаабыт!

  • Оҕо туҥуй сааска -- бу тулалыыр кэрэ айылҕа үөскэтэр үөрүүтүн – кими эмэ кытта үллэстиэххин баҕарарыҥ миэхэ эмиэ көбөн кэлбитэ.
    Далан

Туҥуй бургунас көр бургунас

  • Дал иһигэр уонча туҥуй бургунас кэбинэн сыҥаахтара онньоҥнуу сыталлар.
    Н. Якутскай
  • Бары сааһыран эрэр ынахтар. Туҥуй бургунас суох.
    Болот Боотур

Туҥуй таптал

маҥнайгы таптал.

Первая любовь.

  • Сэгэттэйим туҥуй таптала Тэпсиллибэтэх бу хаары санатар.
    С. Васильев
  • Эдэр саас туҥуй тапталын ким билбэтэҕэй?
    ИИФ ИДЫК

Туҥуй ыһыах

саас чугас дьону, ыкса ыалы ыҥыран тэриллэр бастакы ыһыах.

Кумысный праздник, ысыах, проводимый ранней весной в кругу семьи, близких, родных.

  • [Хомус!] Туҥуй ыһыаҕы торолутар -- Эҕэрдэлээх күннэригэр -- Ырыаларын ыллыктаар.
    Өксөкүлээх Өлөксөй
  • Улуу дойду оройун Тунаҕынан тупсаран, Туҥуй эбир ыһыахпыт Туругуруо, доҕоттоор!
    С. Зверев

Уу туҥуй

сиэр-майгы өттүнэн ып-ыраас, аньыыны-хараны билэ илик.

Нравственно чистый, невинный, непорочный.

  • [Эмээхсин – Чоочоҕо:] Уу туҥуй оҕону Ууга-уокка угаайаҕын, Сиртэн-таҥараттан аналлаах, Сиэниҥ оҕону [Манчаарыны] сэрэн!..
    А. Софронов
  • Аан маҥнай кини биллэ баттабыл бардамын, Аба-сата өрүкүттэ уу туҥуй дууһатын.
    М. Ефимов
Өссө холобурдар (1)
  • Ср. кум. тунгуч, уйг. туҥ туҥуй ‘первенец (о ребёнке)’

«Т» буукуба