ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

оҕотук

даҕааһын

Нууччалыы детский, наивный, незрелый

1 даҕааһын #

даҕ

  • Бу кэмҥэ [отутус сылларга] Чаҕылҕан, сааһынан оҕотук эрээри, олох эрэйин-кыһалҕатын, күүрсүүтүн-күүрээнин билэн кэлбитэ. Софр. Данилов. Коля бэйэтин оҕотук көрүҥэр холооно суох дьиппиэнник тутунна, лоп-бааччы саҥарталаата.
    Болот Боотур
  • Оҕотук да буолларбын, ол саҕана Ойуунускай айымньыларын ааҕан балаччатык билэрим
    ХС

2 даҕааһын #

Оҕо курдук, ситэ-хото илик

Нууччалыы Детский, наивный, незрелый

3 даҕааһын #

Оҕолуу кэнэн, судургу

Нууччалыы По-детски наивный, непосредственный, невинный

  • Дьэ ол кэннэ, мин оччотооҕу кэнэн уонна оҕотук өйбөр, биэрбит тылбын мээнэ кэһэ охсорум табыгаһа суох курдук көстүбүтэ.
    Н. Заболоцкай
  • Кини оччотооҕу оҕотук хоһооннорун олус бэргэн, соһуччу тэҥнээһиннэрэ биһигини ордук кэрэхсэппитэ.
    В. Миронов
  • Тоҕо оҕотук дууһаҥ аанын Тэлэччи аһаҕас тутаҕын - Ааһар дьон арааһын өйдөөбөккө?
    Н. Харлампьева

«О» буукуба