Перевод с якутского
кэнэн
даҕааһын, аат тыл
Нууччалыы наивность; доверчивость
English naïveté, credulity
Ис хоһооно · 4
1 аат тыл #
Нууччалыы наивность; доверчивость
English naïveté, credulity
оҕо кэнэнэ детская наивностьa child's naïveté
2 даҕааһын #
Уһуну-киэҥи эргитэн өйдөөбөт, барытын наһаа көнөтүнэн өйдүүр
Нууччалыы Наивный, простодушный
Талбаҕа ыалтан ыалга көһө сылдьан дьукаахтаһар, быстар дьадаҥы, кэнэн Тоһуукка диэн оҕонньор баара. Амма Аччыгыйа Ол баайыллыбыт хабахтар уонна чуорааннар оччотооҕу кэнэн дьон санааларыгар, куһаҕан тыыны куттуур улахан ымыы буолаллара. Дьүөгэ Ааныстыырап. Норуот айымньытын мифическэй уобарастара былыргы кэнэн киһи айылҕа күүстэрин -- иччилээн өйдүүрүттэн үөскээбит Эрчимэн
3 аат тыл #
суолт. Уһуну-киэҥи эргитэн өйдүүр кыаҕа суох, барытын наһаа көнөтүнэн өйдүүр, өс киирбэх киһи
Нууччалыы Наивный, простодушный, бесхитростный человек, простак
Оо, кэнэммит дэлэ дуо, ол сирбит анныгар гаас хаайтаран эҥин араастык тыаһыырын абааһы эбит диир буоллахпыт. В. Иванов [Маня:] Эчи судургутун, эчи кэнэниҥ бэрдин. Ол эрээри эйиэнэ үчүгэйиҥ итиннэ баар эбээт. Көнөҕүн. С. Ефремов "Аата бу киһини", - Ньукулай киһитэ кэнэниттэн олус бэркиһиир. ХС
Өссө холобурдар (1)
Монг. гэнэн; тув. кэнэн
4 этии #
Нууччалыы Наивная, ограниченная, простодушная, недалекая мысль
Кэнэн санаа - киэҥник ылан көрбөт, кыараҕас, муҥутах санаа Максим илиитин-атаҕын кыаһылаабыт кэнэн санаа оргууй төлөрүйэн, улам холкутуйан истэ.
Н. ЛугиновО, дьэ баар буолаллар ынырык, Куту-сүрү баттыыр сэһэннэр, Эн кэнэн санааҕар хара-барык Сибиэннэр илэ-бодо кэлэллэр. М. Ефимов [Спиридон:] Ол эрэйдээх, кэнэн санаатынан, бука, -- оҕоҕут туһугар көрдөһө бардаҕа буолуо. С. Ефремов
Өссө холобурдар (2)
Кэнэн үйэ (кэм) - үөрэх тарҕана илик, хараҥа, ньүдьү-балай кэм. Θ Темный, непросвещенный век. Урукку кэнэн үйэ ааспыта - үлэһит дьон өйдөнөн эрэр. Н. Якутскай Былыргы кэнэн үйэҕэ хайа баай -- сир уһугар дойдуну -- мөһөөх харчыга атыылаһан ылыах этэй. А. Федоров