ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

быраҕылын

этии

  • бырах диэнтэн атын. туһ. Балык астыыр Барбах чабычах буолла, Бөххө быраҕылынна, Бөхсүйүүтэ суох хаалла.
    Саха фольк
  • Ыстапаан... отуу ойоҕоһугар быраҕылла сытар окко умса түһээт, мунна бурулаан бараахтаабыта.
    И. Никифоров
  • Артиллерия уота өстөөх сытар сирин кэлин өттүн диэки быраҕылынна. Т. Сметанин

Этиилэр

Мутугунан быраҕыллар муҥур үйэ көр мутук

  • “Мутугунан быраҕыллар Муҥур үйэ” - диэн кырдьык, Үйэлээххэ баҕарыллар, Өрүү өлүө суох курдук.
    С. Данилов

Харахха быраҕыллар көр харах

  • Өр сылга дойдуга сылдьыбакка гынан баран сырыттахха, олох уларыйбыта олус сүрдээхтик харахха быраҕыллар буолар эбит.
    С. Ефремов
  • Ойуур чыычааҕа чопчу саҕа бэйэтэ, тарып-ирип көтөн, лабааттан лабааҕа түһэн тырыкынайара кини хараҕар быраҕылынна.
    ВМС СДО

«Б» буукуба