Перевод с якутского
бытаар
туохтуур
Нууччалыы терять скорость; медлить, промедлить, замедлить
English to slow down, to decelerate
1 туохтуур #
Баран иһэр түргэн тэтимҥин сүтэр; тиэтэйбэккэ, анаан наҕыллык хаамп, сырыт, айаннаа
Нууччалыы Терять скорость; медлить, промедлить, замедлить
Мөлтөөбүт киһилии бытаарар. Түргэтии-түргэтии бытаарар. Айанньыт бытаарда. Тиэтэйиэҥ да бытаарыаҥ (өс хоһ.). Быргый туутугар чугаһаатаҕын аайы улам-улам бытааран истэ.
Күндэ[Суорун Омоллооҥҥо] Ончутун кырдьары билимэ, Оҕонньор бытаарбыт дэтимэ, Наар эдэр эрчимнэн, чэгиэн буол. Күннүк Уурастыырап
Өссө холобурдар (1)
Бэҕэһээ, бүгүн ыксаллаах айаҥҥа сылдьыбыт буоланнар, ыттара улаханнык бытаараллар Н. Якутскай
2 этии #
Этиилэр
Сыарҕата бытаарбыт көр сыарҕа
Сылы сыллаан айбатахха Сыарҕабыт адьас бытаарыаҕа Онон оргууй саҕалыахха, Онтон бэйэтэ барыаҕа. С. Тимофеев