ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

быыл

аат тыл

Нууччалыы пыль

English dust

1 аат тыл #

Нууччалыы пыль

English dust

  • (dialectal)

2 аат тыл #

Салгыҥҥа көтө сылдьар эбэтэр туох эмэ үрдүгэр, ньууругар мунньустубут кураанах олус бытархай кыырпахтар

Нууччалыы Пыль. Быылы хоско баар бары маллартан (остуолтан, дьыбаантан, олоппостон, кырабааттан), сиэркилэлэртэн, хартыыналартан, атах таҥастарыттан инчэҕэй тирээпкэнэн сотуллуохтаах. РВА ДьЫКБ. Өрүү тыаллаах, Өрүү быыллаах, Туманынан бурҕачыйар, Тумарыктыйар АЯМ суола. Н. Босиков. Сир ыксатынааҕы салгыҥҥа быыл, хоруо кыырпахтара, уу паара булкуһа сылдьар буолаллар. МНА ФГ

3 аат тыл #

Туох эмэ (хол., мэлиллэр бурдук о. д. а.) бытарыйан, бурҕайан тохтор, хоронор, туһата суох хаалар өттө

Нууччалыы Отходы, остатки чего-л. в виде пыли, порошка

  • Вася аргыый аҕай туораан тахсан, суухаратын быылын хаарга ыста.
    Амма Аччыгыйа
  • Быйыл кыһын сааһа сүүрбэтин туолан, Арыпхаджаев паровигын бурдугун быылыттан ороон саллаакка ылбыттара.
    Эрилик Эристиин
  • Биэрэ эмээхсин куулу ылан көрбүтэ: түгэҕэр икки киилэ холобурдаах мээккэ бурдук сылдьар эбит. “Ээ, миэлиҥсэ быылын сотон аҕаллым”, - диэтэ оҕонньор.
    Д. Таас
Өссө холобурдар (1)
  • Көмүһү тиһэҕэр сыыҥка уонна сибиниэс быыллара сөҥөрдөн хааллараллар
    И. Бочкарев

«Б» буукуба