ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

быыһас

туохтуур, аат тыл

Нууччалыы разделяться от одного до другого случая коротким временем

Ис хоһооно · 4
I

1 #

быыһаа I диэнтэн холб. туһ. Кэдэлдьи алаас уонна Баатты хочото чараас тыалаах үрдүк арҕас халдьаайынан быысаһаллар. Амма Аччыгыйа. Таатта арҕаа өттө Уус Алданы уонна Чурапчы оройуонун кытта быысаһа олорор. Бэс Дьарааһын. Чурапчы оройуонугар Бахсы нэһилиэгэ утумнаахтык “аакайдыыр”. Маны быысаһа сытар “аакайдыыр”, уруккута Байаҕантай улууһун сабыдыалынан быһаараллар. ВМС СДО

III

2 туохтуур #

Биир түгэнтэн атын түгэҥҥэ диэри кылгас кэминэн араҕыс

Нууччалыы Разделяться от одного до другого случая коротким временем

  • быыһаа II диэнтэн холб. туһ. Тимирэ ууга баран эрэр уонна кинилэри быысаһар, биэрэктэн көрөн туран хаһыытыыр дьон айдааннара үрэх иһин эмискэ толорон кэбистэ.
    Н. Заболоцкай
  • Тиэтэйэн тиийиэххэ отууга, Сааспытын үлэҕэ барыахха! Хаптаран эрэр ээ от ууга, - Быысаһа, көмөҕө барыахха! Р. Баҕатаайыскай
  • Биирдэрэ алталаах, биирдэрэ үстээх кыргыттарым хонугунан быысаһан куордаан өлөн хаалбыттара.
    В. Иванов
Өссө холобурдар (1)
  • Мыычаар - ол батталлаах үйэ бүтэйдии нүөлүппүтүнэн өрүттүбэккэ, кинини кытта аҕыйах сылынан быысаһан ол дойдуга аттанара эрэ хаалбыт киһи
    ФЕВ УТУ
IV

3 аат тыл #

Суон оһоҕос ортото

Нууччалыы Ободочная кишка (средняя часть толстой кишки)

  • “Биһиэнэ!” - дьабадьылара, икки илиитэ хаан буолбут, быыһас ырыта олорор дьахтар хардарда.
    Күннүк Уурастыырап
  • Абыраамап ону бэлиэтии көрөөт, бүлүүдэҕэ сыһык быысаһын уура турар Малаанньаҕа тиийэр.
    Л. Попов
  • Оо, ама үүт курдук хааннаах, олус эмис кыыл быысаһыттан ордук үтүө ас суох! Сонно тута өлөрөөт, субайдаан буһарыллар. “
    ХС

4 этии #

Быыһастаах хаан - быыһаска субайдаан кутан буһарыллыбыт хаан Кутуйах Баай уус ууһу таһыйар идэлээх эбит: “Быыһастаах хааны быһа түһэн кэбиһэр сытыы быһахта оҥоруҥ!” - диэн, ону кыайан оҥорбокко таһыллаллар үһү. Саха сэһ. II

Нууччалыы Якутская кровяная колбаса (ободочная кишка, наполненная кровью)

«Б» буукуба