Перевод с якутского
дэҥ
аат тыл, сыһыат
Нууччалыы несчастный случай
English accident
Ис хоһооно · 6
1 аат тыл #
Киһи, дьон быстах алҕастан, сэби-сэбиргэли сыыһа туттууттан оһолго, быһылааҥҥа түбэһиилэрэ; оһол-саахал
Нууччалыы Несчастный случай
Ол суоллара бэрт кыараҕас, силистээх, мэһэйдээх буолан, сылдьарга бэрт эрэйи, дэҥи таһаартыыр. Эрилик Эристиин Куоракка киирэн тыллаа! Мин соноҕоспун көлүйэ оҕус! Дэҥҥэ түбэспит сордооҕу сыарҕаҕа тиэйэн киллэр! И. Гоголев [Ийэм Көлөпүнэҕэ] Толоостук оонньоомо, доҕор, дэҥ, араас буола сылдьыа Н. Заболоцкай
2 #
сыһ
Тойон, дьаһабыл диэн ытыктаабат дьон эмиэ дэҥ көстөөччүлэр. С. Ефремов Биирдэ эмэ бу дойдуга өссө да дэҥҥэ көстөр трактор кэлэн, ыттары соһутар, муодарҕатар. Н. Габышев Дэҥ кэлэр курус санаа сымнаҕас күөнүнэн саба көтөр
Н. Лугинов
3 #
Хаһан-эмэ, хам-түм, хам-дьаа
Нууччалыы Редко, изредка, от случая к случаю
4 #
Түбэспиччэ, эмискэ
Нууччалыы Случайно, вдруг
Иккиһин дэҥ, түбэспиччэ, өлбөтүм дии саныам этэ.
П. ОйуунускайДуня [хаайыылаахтар] дэҥ куоттахтарына, хайдах туттуохтааҕын саныы истэҕинэ, тумул тыаны эргийэ түһүүгэ Иохим баай көхсүн этиттэ. КН ТДь. Арай куоталаһыы знамятын "Сардаҥалар" ылбыттара... – Истибитим. Ол факт фагынан. Кыһыылаах холкуос... Дэҥ кыайбыт Дьуон Дьаҥылы
5 этии #
Нууччалыы Не переносит, не терпит, даже самой малости, что выходит за рамки привычного; раздражаться из-за пустяков
Этиилэр
Дэҥи (эндиэни, энчини) көрбөт
бэрт кыра да эҥкили тулуйбат Итиини таптыыр, холобур огурсу курдук олус намчы, дэҥи көрбөт үүнээйини бальзамынан сиэмэтин илиттэххэ бэрт кылгас кэм иһигэр аһаҕас халлаан анныгар үүннэриэххэ сөп.
[Хадаар] Ама, бэлиэр албан аакка үөрэммит дуо? Баҕар, ол иһин дэҥи көрбөт, кыра да саҥаттан өлөрдүү өһүргэнэр буолбута буолаарай?
А. КривошапкинҮрдүк сололоох, мин атаахтык иитиллибит буоламмын, этим-хааным дэҥи көрбөт эбээт.
А. Чехов
Дэҥ үктэт
кими-эмэ соруйан алҕаһатан сыыһаны оҥортор, онон туһан.
Сознательно подвести, вынудить кого-л. совершить ошибку.
Силтэһин туох эрэ албаска түбэһиннэрэн, дэҥ үктэтээри оҥостоллор диэн, сэрэхэдийэн, иһимээри гынна. Күннүк Уурастыырап Төһө да өй сүүйсүһэн, дэҥ үктэтээри Дуомат хаамыыта дойҕоҕунан олусталлар. С. Зверев
Өссө холобурдар (1)
Дэҥ үктэтэн, киһини кыһытан, сакалаакка сүүйбүтэ улахан эбит! Н. Заболоцкай
Дэҥ үктээ
алҕаһаа, киирэн биэр.
Некстати оступиться, попасть впросак.
Марыыска харса суохтук тутунна, уолга хайыста:
Дьонтон истэн сэтэриэҥ кэриэтин, мин дэҥ үктээн...
– диэн иһэн харааста түстэ. Дьүөгэ Ааныстыырап. Атын дьоннору хайдах албынныыры ымпыгар-чымпыгар тиийэ билэннэр умсугуйууга киирэн дэҥ үктээбэт буолбут дьоннор аҕыйахтар. Н. Чернышевскай (тылб.)
6 этии #
Нууччалыы Изредка, время от времени
Этиилэр
Дэҥ курдук (кэриэтэ)
өр буола-буола, хаһан эмэ, түбэспиччэ "Оччо ороскуотурбутуҥ кэннэ, үптээх дьон дэҥ курдук түбэһэллэр", – диэн.
Ол эрээри, чахчы хомуһуннаах ойуун аҕыйах, кинилэр дэҥ кэриэтэ төрүүллэр үһү. И. Гоголев Кириһээн ол мунньахтарга дэҥ кэриэтэ ыҥырыллан сылдьара. Д. Таас
Дэҥтэн сэрэнии техниката
араас оһолтон харыстанар ньыма бүтүннүүтэ.
Техника безопасности.
Александр Петрович
дэҥтэн сэрэнии техникатын иниспиэктэрэ.
ПА. Үлэ күнүн уһунун, сынньалаҥ бириэмэтин, хамнас кээмэйин, дэҥтэн сэрэнии техникатын курдук үлэ сүрүн усулуобуйалара үлэ сокуоннарынан эрдэ быһаарыллар. СГПТ