ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

быһый

даҕааһын, аат тыл

Нууччалыы быстроногий, резвый, быстрый

I

1 даҕааһын #

Атаҕынан чэпчэки, сыыдам сырыылаах, түргэн, сүүрүк

Нууччалыы Быстроногий, резвый, быстрый

  • Быһый атахтаах. Быһый көлөлөр. Быһый киһи. Быһый табалар.
  • Баай хара тыа быһый атахтаах, сытыы кынаттаах, чуор саҥалаах араас кыра бытархай харамайдарын кини [Тогойкин] аахайбат буолан истэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Ат бөҕө, кус быһый киһи буолбатах.
    Күннүк Уурастыырап
Өссө холобурдар (1)

2 аат тыл #

суолт. Атаҕынан чэпчэки, кытыгырас киһи

Нууччалыы Быстроногий, быстрый в беге человек, бегун

  • Майгынныын, күүстүүн, быһыйдыын дэгиттэр барахсан этэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Чаачар уҥуоҕунан дьарамай эрээри, тэтиэнэҕин, быһыйын иһин итинник хос ааттаабыттара үһү. Софр. Данилов. Онтон ыла Уйбаан быһыйын уонна күүһүн туохха да көрдөрбөтөх.
    Р. Кулаковскай
  • Ааттаах быһыйдар, үтүө кылыыһыттар ааттара киэҥ сиринэн тарҕанара.
    М. Чооруоһап
Өссө холобурдар (1)
  • Тэҥн. кытыгырас
II

3 аат тыл #

Куобах холо (илин атаҕа)

Нууччалыы Передняя нога зайца

  • Ийэм көбдөкөнү тиниктиир, Миэхэҕэ быһый түбэһэр.
    Баал Хабырыыс
  • Уолбут куобах этин олус таптаан сиир: “Маама-а, мин куобаҕы быһыйын сиэҕим. Сөп диэ - э?”
    Багдарыын Сүлбэ

«Б» буукуба