Перевод с якутского
быһыытынан
кэнники тыл
Нууччалыы согласно, по
English according to
Ис хоһооно · 4
1 #
дьөһ
Бу телеграмма быһыытынан сүүрбэ биир сааһыттан сүүрбэ тоҕус сааһыгар дылы саастаах бүрээттэр сэрии тас үлэтигэр тутуллар буолбуттар. Эрилик Эристиин Сокуон быһыытынан олорор киһи Сэбиэскэй былаастан кыбыстыан сатаммат. С. Ефремов Петр Федоров дьон көрдөһүүтүн быһыытынан Короленко туһунан хоһоону аахта Амма Аччыгыйа
2 #
Сөп түбэһии сыһыанын көрдөрөн, хайааһын туохха эмэ олоҕуран, тугу эмэ тутуһан оҥоһулларын бэлиэтииргэ туттуллар
Нууччалыы Выражает отношение соответствия, употребляясь при обозначении предмета, согласно которому совершается действие (согласно, по)
3 #
Буолуу сыһыанын көрдөрөн, хайааһын хайдах-туох оҥоһулларын бэлиэтииргэ туттуллар
Нууччалыы Выражая отношения образа и способа действия, употребляется при обозначении предмета, в качестве которого другой предмет совершает действие (как, в качестве)
Коля Рудых оҕо быһыытынан ити подшипнигынан оонньуон баҕарбыта. Н. Заболоцкай Уолаттар, үлэҕэ чахчы туруммут дьон быһыытынан, тыа диэки дьулуруһа турдулар. Амма Аччыгыйа Аны мин эһиэхэ холкуостаах быһыытынан үлэлиибин. М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (1)
Эн куттаныма, суукка туоһу эрэ быһыытынан сылдьыаҥ Н. Якутскай
4 #
Ситим тыл суолтатыгар төрүөт ситиминэн араарыллыбыт бөлөхтөрү уонна биричиинэ салаа этиилэри холбуурга туттуллар
Нууччалыы В значении союза употребляется для присоединения причинных оборотов и придаточных предложений (поскольку)
Николаев радист буоларын быһыытынан, атын собуокка сылдьар, дэҥҥэ көрсүһэбит. Т. Сметанин Наһаар, буруйун билиммит киһи быһыытынан, чэпчэтии ылбыта.
Суорун ОмоллоонРазведка начаалынньыга буоларын быһыытынан, Бурхалей хамандыырга тыллабыр ыытта. Эрилик Эристиин
Өссө холобурдар (2)
Өйдөөбөппүн, өйдөөрү Үөрэнэрим быһыытынан, Эн дьэ миэхэ итилэри Этэн биэриэх кэриҥнээххин. Күннүк Уурастыырап Туох барыта бүтэрин быһыытынан, Болот ууруммут саппааһа кэнникинэн баранан барбыта Н. Заболоцкай