ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

бэгэччэк

аат тыл

Нууччалыы запястье

аат тыл

Киһи ытыһа харыны кытта холбоһор сүһүөҕэ

Нууччалыы Запястье

  • Биһиги киһибит түһүлгэ ортотугар, тустар сиргэ киирэн сыгынньахтанар. Сүбэһит-амаһыт үксүүр. Тобугун, тоҕоноҕун, бэрбээкэйин, бэгэччэгин сүһүөхтэрин күөх отунан дэлби анньаллар.
    Күннүк Уурастыырап
  • Өкүлүүн кэлэр тыам саҕатыгар икки бэгэччэгин ырбаахытын сиэхтэригэр хардарыта уган баран, дэлби титирээн, аллараа уоһа ибигирии тураахтыыра.
    Амма Аччыгыйа
  • Үүйэ ачыкытын кэппит, бэрчээккитин бэгэччэгэр тиийэ тардыммыт, килбэчигэс маҥан суумката тоҕоноҕор биэтэҥниир
    Л. Попов

«Б» буукуба