ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

бэдик

аат тыл

Нууччалыы шалун

1 аат тыл #

Нууччалыы шалун

2 аат тыл #

Мэник-тэник, дуоспуруна суох киһи (үксүгэр, оҕо, эдэр киһи тустарынан)

Нууччалыы Беззаботный, бездумный, несерьезный человек (обычно о детях и подростках), баловень, шалун

  • Үстээх үөдэн, түөртээх төбөт, Биэстээх бэдик буолуор диэри Кус сыгынньаҕын куталыйда, Сыайа сыгынньаҕын сырытта.
    Өксөкүлээх Өлөксөй
  • Тойон сиирэ-халты харбаспытынан таһырдьа батыгыратыйан таҕыста. Оччоҕо сүүрбэччэбин туолан эрэр бэдик киниэхэ туран биэриэм дуо?
    Эрилик Эристиин
  • Саас, биир сарсыарда, кини уончалаах мэник бэдик, ырбаахынан таһырдьа ыстанан таҕыста.
    Болот Боотур
Өссө холобурдар (1)
  • Саха борбуйун уйда да тустубутунан барар идэтэ. Остуол аннынан сүүрэ сылдьар бэдиктэр: “Тустан көйөбүт дуо, доҕоой”, - дии-дии мадьыктаһаллара кими да сөхтөрүө суоҕа. “
    ХС

«Б» буукуба