ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

мэник

даҕааһын, аат тыл, частица

Нууччалыы озорной

English mischievous, naughty, impish

Ис хоһооно · 8

1 даҕааһын #

Нууччалыы озорной

English mischievous, naughty, impish

  • мэник уол
    озорной мальчишкаa naughty boy, an imp

2 аат тыл #

Нууччалыы дурак

English fool (idiot, moron, etc.)

  • далай мэник далаҕа
    непробиваемый дуракan impenetrable fool

3 частица #

Нууччалыы делать без удержу

English Expresses doing something constantly (compare English like crazy or like a fool)

  • ытырдар мэник буоллум
    я начал безудержно чихатьI started sneezing like crazy
I

4 даҕааһын #

Дьээбэҕэ тиллэр, тэбэнэттээх (үксүгэр оҕо туһунан)

Нууччалыы Шаловливый, озорной

  • Атах сыгынньах мэник уол холумтан үрдүгэр ыттан тахсан, торбос ыстаанын өрө тардына-тардына, дьон саҥарсалларын иһиллээн, дээдэйэн турда.
    Н. Неустроев
  • Күлэ-үөрэ тамнааттаһа оонньууллар Тиэргэн мэник бэдиктэрэ, Тэп-тэтэркэй иэдэстэрэ.
    И. Гоголев
  • Мэник оҕону аҕата дуу, убайа дуу ылан таһыйан эрэрин курдук сананна
    Н. Заболоцкай

5 аат тыл #

суолт. Дьээбэҕэ тиллэр, тэбэнэттээх киһи (үксүгэр оҕо туһунан)

Нууччалыы Шалун, озорник, баловник

  • Мэниги атаахтатыма - баскар ыттыа (өс хоһ.). Ордук мэниктэрэ, тэбэнэттээхтэрэ чыскыйбахтаан, тыбыырбахтаан ылаллар.
    Амма Аччыгыйа
  • [Петя] мэнигинэн, бөппүрүөгүнэн, дьиибэтинэн аатырбыта ыраатта
    М. Доҕордуурап

6 этии #

Нууччалыы Шальная пуля

  • Мэник буулдьа - кими эмэ дэҥҥэ таппыт буулдьа "Балааҕыйа эрэйдээх үрүҥнэргэ тутуллан, асчыт-күөсчүт буола сылдьан, ытыалаһыы кэмигэр мэник буулдьаҕа табыллан өлбүт үһү", - диэн сурах иһиллибитэ.
    С. Никифоров
  • Эн кыргыһыыга өлбүккүн дуу, эбэтэр мэник буулдьа таппытын дуу - ким да билбэт. Ч. Айтматов (тылб.)

7 этии #

Нууччалыы Детский возраст, детские годы

  • Мэник саас - эдэр оҕо саас Мэник саас ааспыт быһыылаах, Биһиги билигин атыммыт. Туох буолуой... Биир эрэ кыһыылаах: Төттөрү төннүбэт ол сааспыт.
    С. Тимофеев
  • Оччотооҕу мэник сааска Дьонум дьиэҕэ суохтарына, Оту-маһы хомуйан Уот отто оонньуур этим.
    А. Бэрияк
  • Мэник санаа - киһиэхэ быстахтык киирэн ааһар дьээбэлэниэх, тэбэнэтириэх санаа. Θ Шальная мысль. Орой (улдьаа) мэник - ис иһиттэн тэбэнэттээх, дьээбэлээх (үксүгэр оҕо туһунан). Θ Проказник, сорванец, озорник. Оо, төрөөбүт дойдуом! Бырастыы гын миигин - Улдьаа мэниккин, - Быралгы уолгун, -- Эн чөҥөлөк алааскар Дьиэтийбэтэх буруйбун.
    С. Данилов
Өссө холобурдар (3)
  • Орой мэник эрдэхпиттэн Тииккэ ытта оонньуурум. Уйаларыттан үргүтэн Тураахтары куттуурум.
    Баал Хабырыыс
  • Доҕоттоор, бу туох орой мэнигэ, урааҥхай киһитэ маннык хаарыан чаһыны ууга тамнаан барбыт бэйэтэй?
    Н. Заболоцкай
  • Ср. монг. мэнэг ‘слабоумие, идиотизм’
II

8 #

эб. Билиҥҥи бириэмэлээх туохтуурдары кытта туттуллан, хайааһын тохтоло суох үгүстүк оҥоһулларын көрдөрөр

Нууччалыы Употребляясь с глаголами настоящего времени, выражает длительные повторяющиеся действия

  • Арай били иирээки ырыган Ыстапаан киирэр-тахсар мэник буолар.
    Н. Түгүнүүрэп
  • Үлэлээбэккэ күлэр мэник буола олоруоҥ дуо?
    И. Данилов
  • Мин бүгүн ытырдар мэник буоллум
    ХС

«М» буукуба