ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

бэдьэй

туохтуур

Нууччалыы бежать трусцой, мелкой рысцой

туохтуур

дьүһ. туохт. Түргэн-түргэнник кыараҕастык, атыллаан сиэл, сүүр

Нууччалыы Бежать трусцой, мелкой рысцой

  • Миитэрэй оҕонньор атах сыгынньах бэдьэйэн кэлэн, ааны сабан хатаата, оронугар ааһан иһэн, чүмэчини саба үрдэ. Софр. Данилов. Бириэмэни сүүйээри, Слепцов түргэнник хаамар, арыт бэдьэйэн ылар.
    В. Яковлев
  • Онтон Роман улам түргэтээн, кэнникинэн сүүрэн бэдьэйэн барда. КИС АаДЧ. Аҕыйах миэтэрэни бэдьэйээт, аҕылаатым.
    ХС
  • Тэҥн. бэдьэҥэлээ

«Б» буукуба