Перевод с якутского
дьирибинэс
даҕааһын
Нууччалыы сверкающий, переливающийся, играющий мелкой рябью, бликующий
даҕааһын
Дьиримнэс, дьэргэлдьигэс (салгын сүүрээниттэн, күн чаҕылыттан үөскүүр көстүү туһунан)
Нууччалыы Сверкающий, переливающийся, играющий мелкой рябью, бликующий (от движения воздуха, от солнечных лучей)
дьирибинээ (1) диэнтэн холб. туһ. Ойоору гыммыт бэдэр хараҕын курдук суостаах харахтар дьирибинэһэ умайан ылбыттара, Чыычааҕы тургутардыы өрө-таҥнары одуулаһан дьэргэлдьийбиттэрэ. И. Гоголев Ити кэмҥэ холууптар халыҥ үөрдэрэ сүрдээх эрчимнээхтик көтөн дьирибинэһэн таҕыстылар. М. Доҕордуурап Араас үрүмэччилэр, лыахтар, Таняны иннинэн-кэннинэн көтөннөр, дьирибинэһэн, талыбыччыйан ааһаллар. Дьүөгэ Ааныстыырап
Өссө холобурдар (3)
Дьирибинэс, сырдык, ыраас уу оргууй бигии уста турар. А. Сыромятникова Улуу өрүс, сарсыардааҥҥы күн сардаҥатын түөһүгэр түһэрэн, дьирибинэс суолу кини иннигэр тэлгэппитэ. Л. Попов Ричард хараҕа көлүйэ сиэркилэ урсунугар түспүт халлааны хаба ортотунан быһа охсон ааһар Сир Биһилэҕин дьирибинэс уотугар хатанна Г. Угаров