Перевод с якутского
эрэһэлээх
даҕааһын
Нууччалыы покрытый рябью
Ис хоһооно · 8
1 даҕааһын #
даҕ
Эбэбитин биһиги Эмиэ бииргэ туоруох диэн Эрэһэлээх долгуҥҥа Эрдиилэнэн испитэ. Күннүк Уурастыырап Эрэһэлээх долгуннаах Эҥсиллэр уулардаах Эрэлийэр бурууктаах Элиэнэ эбэкэм Эҕэрдэлээх кытылыгар -- Уруй-туску олбохтоох Ороссолуода хочото Олохсуйан олорор Н. Степанов
2 даҕааһын #
Дьиримнэс күүгэннээх эрэһэ долгуннаах
Нууччалыы Покрытый рябью; пенистый (о волнах)
3 даҕааһын #
Аймалҕаннаах, сүпсүктээх (илин халлаан)
Нууччалыы Беспокойный, тревожный (о восточном небе – в олонхо)
Эрэһэлээх илин халлааннарын Эҥийэлээх иитин аннынан Эрийэ баттаан көрдөххө -- Улуу удаҕан дьахталларым Илгистэ-эккирии туралларын курдук [тыалардаах эбит]
П. Ойуунускай
4 даҕааһын #
Бөҕө миилэлээх, бөҕө (тиис)
Нууччалыы Крепкие (зубы)
Эрэһэлээх тииһим эргэрэн эмтэрийбитин Эмээхсин буолан баран Эдэрдээҕи сааспын Эргийэн көрдөхпүнэ Этэр тылыҥ тиийбэтинэн Эгэлгэ-эриэккэс эбит. А. Софронов Уол оҕо барахсан -- Эрэһэлээх тииһэ Эмтэрийбитин иһин, Киэһэ хонорун кэмнэнэр, Сарсын турарын сананар. Саха нор. ыр. II
5 даҕааһын #
Илбистээх, абылаҥнаах (тыл)
Нууччалыы Проникновенный, внушительный (о слове)
Дьэ, мин киһи эрэһэлээх тылым иччитин Икки тэргэн ый тэҥнээҕэ буолбут кэй чуор кулгааххытынан истэ сэҥээрдиҥитиий А-ИМН ОЫЭБЫ
6 даҕааһын #
Чуор, сэргэх (кулгаах)
Нууччалыы Чуткий (об ушах)
Этэр тылбын Эрэһэлээх кулгааххынан Истэн тур эрэ! Д. Говоров
7 даҕааһын #
Туруору көрөр, сытыы (харах)
Нууччалыы Прямой, острый, проницательный (о взгляде). [Квагантирадзе] Мунна өссө кырыыламмыта, чыпчылыйбат эрэһэлээх хараҕа төгүрүйэн кэҥээн кэлбитэ
"Кыым" Кыым
8 этии #
Икки эрэһэлээх үүн тиэрбэһин курдук эрилкэй харахтаах – олус киэҥ төгүрүк сырдык харахтаах
Нууччалыы С большими круглыми, словно два кольца узды с мундштуком, глазами