ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

эрэһэ

аат тыл

Нууччалыы решето.

Ис хоһооно · 6
I

1 аат тыл #

Сиидэ, сүүр

Нууччалыы Решето. Биһиги ууну, баҕар, эрэһэнэн да баһыахпыт, эн онно аны кыһамматыҥ буоллар абырыаҥ этэ. Л. Габышев. Тиэстэни чараас гына хаптатыллар -- уһун синньигэс гына кырбаныллар, онтон куурда эрэһэҕэ тарҕата ууруллар. Дьиэ к. Тутан ылбыт тэллэйин толору симиммит эрэһэтин сүгэн баран, кугас бытыктаах хородобуой хаамар. А. Чехов (тылб.)

2 аат тыл #

Массыына ону-маны баһан таһаарар чааһа

Нууччалыы Устройство в машине, поднимающее сыпучие материалы, грохот

  • Установка модун эрэһэтэ эргичийэр. Ол аайы кумах өрөһөлүү кутуллар
    Кыым

3 аат тыл #

Туох эмэ төгүрүгэ, төгүрүйэн көстөрө

Нууччалыы Что-л. круглое, виднеющееся округлым, круглым

  • Тыраахтар куҥкунуур, Тыраахтар курулуур, Күөх дьэргэн көлүөһэ, Курулуу ытыллар, Эҥсиллэр эрэһэ Эргичийэн дьэргэйэр.
    П. Ойуунускай
  • Эрчимнээхтик битийбэхтии, Элгээн устун харбаатым, Эрэһэ тиэрбэс иилэри Эрилитэн дайбаатым.
    С. Тимофеев
  • Күнтэн көмүс эрэһэ Күүрэр долгун дьэргэйэр.
    Күннүк Уурастыырап
Өссө холобурдар (2)
  • Уобуруччу эрэһэлэр төгүрүйтэлээтилэр уонна намырыы мэлийдилэр.
    Л. Попов
  • Борохуоппут эрэһэ эрдиилэринэн аргыый эрдинэн биэрэктэн тэйбитэ, өрүс үөһүгэр эргийэн киирэн иһэн үс төгүл төхтүрүйэн үллэ-үллэ үөгүлээбитэ
    НСН БХО

4 этии #

Нууччалыы Об единственном оставшемся в живых ребёнке

Этиилэр

Көтүллэр тииһим эрэһэтэ (холхото)

тыыннаах хаалбыт соҕотох оҕо туһунан Көтүрдэр тииһим эрэһэтэ (холхото) – бу!

  • ПЭК СЯЯ. Хатан эрэһэ (эҕэһэ) көр хатан II

5 этии #

Нууччалыы Светлый, сверкающий серебром

Этиилэр

Көмүс эрэһэ

үрүҥ көмүс курдук чаҕылхай, сырдык Күнтэн – көмүс эрэһэ Күүрэр долгун дьэргэйэр.

  • Күннүк Уурастыырап.

Сулус эрэһэтэ

үөһээттэн, үрдүктэн (сулустартан) кэҥээн сырдыыр сырдык.

Свет, излучение из вышины (звезд).

Тиис эрэһэтэ

тиис миилэтин лоппоҕордоро.

Твёрдый бугорок у дёсен.

  • Хаһыы сылгытыгар үөһээ тиистэрин эрэһэтэ аллараа тиистэрин эрэһэтигэр сөп түбэһиэхтээх. Сылгыһыт с.

Халлаан эрэһэтинэн

үөһэнэн (ньиргийэр тыас).

Раздающийся сверху (оглушительный шум).

  • [Уот Уһутаакы] Иттэнэ дарас гына түстэ, Икки таныытын тыаһа киэҥ халлаан эҥсиллэр эрэһэтинэн Кимиэллээхтик киҥкинээбитинэн барда.
    П. Ойуунускай

Эрэһэ былыт

чараас, лоскуй былыт.

Лёгкие, почти прозрачные облака.

  • Ый эрэһэ былыкка саһа-саһа көстөр, Тыа быыһыгар ыллыкка Бэрт да буолар көрсөр.
    Баал Хабырыыс

Эрэһэ долгун

кыракый дьиримнэс долгун.

Небольшая волна, рябь.

  • "Кэлиҥ ыччаттарым, оонньооҥ, көрүлээҥ!" – диэххэ айылаах Өлүөнэ өрүс эрэһэ долгуннарынан күлэр-үөрэр.
    А. Сыромятникова

Эрэһэ дорҕоон

ырыа курдук дьырылас дорҕоон (хол., хомус тыаһа).

Нежный певучий звук.

  • Хомус эрэһэ дорҕоонунан туоллулар чагда, алыы сирдэр. Туһ. т.

Эрэһэ киһи

хачаайы эрээри иҥиир күүстээх, хатан киһи.

Сухощавый, но жилистый сильный человек.

Биһиги фронтовиктар, хатан

эрэһэ киһи буолуохтаах этибит.

  • Биирэ бухатыырдыы моһуоннааҕа, атына хачаайы гынан баран хатан, эрэһэ дьүһүннээҕэ.
    И. Данилов

Эрэһэ моойдон

синньигэс дьүдьэх моойдоох буол.

Иметь худую тонкую шею (признак истощения).

  • Убайын өҥөйөн өйдөөн-дьүүллээн көрбүтэ, Иннэ буолан ииммит, Сүүтүк буолан сүүдүйбүт, Этирик түөстэммит, Эрэһэ моойдоммут.
    П. Ядрихинскай

Эрэһэ ойбон

биир-икки сиринэн уутугар диэри кыараҕастык тэһиллэр сааскы ойбон.

Весенняя прорубь, где вода выступает в одном-двух узких местах (чтоб скот не проваливался).

Эрэһэ тыас

олус улахан, сири титирэтэр, дөйүтэр тыас.

Оглушительный, потрясающий шум, гром.

  • Ыраас халлаантан эмискэ этиҥ саалларынааҕар да ынырык, сири-дойдуну титирэстэтэр эрэһэ тыас ньиргийэ түстэ. Н. Борисов
II

6 аат тыл #

Улахан сэбирилиэк

Нууччалыы Большое сверло

  • Эрэһэнэн үүттээ. Саха уустара эрэһэнэн куруук тутталлара

«Э» буукуба