ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

бэлэмнэн

туохтуур

Нууччалыы быть готовым, готовиться

туохтуур

Нууччалыы быть готовым, готовиться

  • бэлэмнээ диэнтэн бэй., атын. туһ. Атын эргилиннэрэн иһэн: “Өйүүн бэлэмнэнэн олороор, киһи ыытан ылларыам”, - диэтэ Кириисэ [Балбаараҕа].
    Эрилик Эристиин
  • Татыйаас оскуолаҕа киирэргэ бэлэмнэнэр, хомус тардары уонна ырыаны таптыыр. Дьүөгэ Ааныстыырап. Мин өссө үлэбиттэн кэлэн баран уруокпар бэлэмнэнэрим.
    Далан
  • [Манчаары:] Сайынын саһан сылдьан баран, хаар түһүүтэ хара тыа ортотугар арҕах хастан, ас бэлэмнэнэн баран, аны кыһын онно кыстыыһыкпыт.
    А. Софронов
Өссө холобурдар (1)
  • Биирдэ Сережа тыаттан маһы таһыыга үлэлэстэ: эрдэ кэрдиллэн бэлэмнэммит бэрэбинэлэри туруоһунан тыраахтарга холбоон биэрэр. Н. Лугинов

«Б» буукуба