ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

бэрээдэктээ

туохтуур

Нууччалыы упорядочить, наводить порядок, приводить в порядок что-л

туохтуур

Туохха эмэ бэрээдэги олохтоо, киллэр, тугу эмэ сааһыламмыт, оннун булбут турукка тиэрт

Нууччалыы Упорядочить, наводить порядок, приводить в порядок что-л

  • Ньукууһа Сыҕаайап Луха Бэһиэлэйэптиин мунньаҕы бэрээдэктии сатыылларыгар күөмэйдэрэ бүттэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Анна Андреевна, бу хоспутун арыый бэрээдэктээтэхпитинэ хайдах буолуой?
    С. Данилов
  • [Иван Иванович:] Суох, Маня, билигин кыайан барбаккын. Тэрилтэ дьыалатын барытын үчүгэйдик бэрээдэктээн туттарыахпыт.
    С. Ефремов
Өссө холобурдар (1)
  • [Бруснев] сынньана таарыйа, хомуйбут коллекцияларын бэрээдэктээтэ, көтөрдөрүн, кыылларын көрдө-иһиттэ
    П. Филиппов

«Б» буукуба