Перевод с якутского
бэтин
туохтуур
Нууччалыы надломиться, треснуть; сломаться, переламываться. [Боруллуону] үс эрэ ат уйар, атын сылгылар систэрэ бэттэн өлөллөр үһү
1 туохтуур #
Үөһэттэн баттыыр ыараханы уйбакка кэдэй, аллараа өттүгүнэн тоһун (хол., өһүө туһунан), булгу бар, тоһун (хол., сылгы, таба сиһин туһунан)
Нууччалыы Надломиться, треснуть; сломаться, переламываться. [Боруллуону] үс эрэ ат уйар, атын сылгылар систэрэ бэттэн өлөллөр үһү
Саха сэһ. I. Ньыгы-ньыгы ньыгыйыкпын Ньыкырдыыра далбарайбын Соҕотох соххор хараҕым Тэстэ илигинэ, Аҥаардас аҥаар атаҕым Алдьана илигинэ, Билгэлээх биир илиим Бэттэ илигинэ Биэрэрим аата суох.
П. ОйуунускайКыргыһыы бөҕө кытаанаҕа турда, Кырыылаах кырыылаахха кыыратынна, Биилээх биилээххэ бэтиннэ, Уһуктаах уһуктаахха уйадыйда П. Ядрихинскай
2 туохтуур #
Тулуурдаах буол, олох эриирин-мускуурун, охсуутун эмсэҕэлээбэккэ тулуй
Нууччалыы Быть выносливым, переносить всякие невзгоды жизни
Ороскуоттаах курдугун иһин, холкуос хаассатыгар биллибэтинэн-көстүбэтинэн өлгөм үбү кута турар. Оччоҕо эн дьылҕа хаан тыйыс да охсуутугар бэттэн, кэдэйэн биэриэҥ суоҕа. С. Федотов Ханнык да соллоҥ күүс, Хаһан да кэлэн түс! - Тахсыбыт күн киирбэт, Туппут дьол бэттибэт, Баар олох кэхтибэт! Дьуон Дьаҥылы. Үлэҕэ, кэрэҕэ дьаныары, Дойдуга маҥнайгы тапталы Эр санаа бэттибэт тэтимин Эн миэхэ харыстаан ииппитиҥ, Оо, күүһүн эбитин, Күн көмүс ийэкээм! И. Алексеев