ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тоһун

туохтуур

Нууччалыы переламываться

Ис хоһооно · 4

1 туохтуур #

Бэттэн, булгуруйан алдьан, булгу бар

Нууччалыы Переламываться

  • Уолан тиит ортотунан тостор Уйусхан тыаллаах дойду.
    П. Ойуунускай
  • Ойуурга мас тосторо иһиллэр.
    Күндэ
  • Арай дьоммуттан ырааппытым кэннэ, хайыһарым тостон хааллын
    Амма Аччыгыйа

2 туохтуур #

Кыаххын, күүскүн сүтэр, мөлтөөн бар

Нууччалыы Потерять, утратить былую силу, ослабнуть, Өлөксөй курдуктар тоһуннахтарына, Өрө көрбүттэр өлбөөдүйүөхтэрэ

  • Суон саал Тостон барбыта, -- Саарыстыба самныбыта.
    С. Зверев
  • Олунньу сүүрбэ түөрт күнүгэр тымныы тостор
    Сахаада

3 этии #

Нууччалыы Отступили морозы

Этиилэр

Кута-сүрэ тостубут көр кут-сүр

  • Инчэҕэй тирбэҕэ быстыбатынан олорбут Быргыйдаах муҥнаахтар уйулҕалара хамсаабыт, куттара-сүрдэрэ тостубут. ФЕВ УТУ. [Дьэргэ] киһи эрэ буоллар кута-сүрэ тостон, токуруччу туттан хаамар буолбут.
    ХС

Мас тосторунан I көр мас

  • Быа быстарынан, мас тосторунан (өс хоһ.). [Акаары Мэхээс:] Быа быстарынан, мас тосторунан күүстээх киһи - мин буолабын.
    Эрилик Эристиин

Мас тосторунан II көр мас

  • Мас тосторунан майгылаах киһини кытта киһи сатаан кэпсэппэт.

Муоһа тостубут

муоһа-туйаҕа сарбыллыбыт (бараммыт) диэн курдук (көр муос).

Сүргэтэ (сүрэ) тостубут көр кута-сүрэ тостубут

  • Сүрэ тостубут, уҥуохтаах тириитэ хаалбыт кырдьаҕас оҕонньор, тайаҕар өйөнөн, суос соҕотоҕун санньыйан турар эбит.
    Амма Аччыгыйа
  • Кулукаанап сүргэтэ тостубут көрүҥнээх. БТТ. Оҕонньор эмээхсинигэр уота-күүһэ умуллан, сүргэтэ тостон тиийдэ.
    ХС

Торо тоһунна көр тор II

Маппыр хоолдьугатын тыыныгар туран, торо тоһуннаҕа. Л. Попов. Микииппэр тоһун ылан, торо тостон, саҥата суох сыппахтаата. Э. Соколов. Тымныы муоһа тостубут - сүдү тымныы мөлтөөбүт, мөлтүү быһыытыйбыт Тымныы муоһа тостон, Күн куттаммат буолбут, Тоҥон турбут мастан Тохтон, көмнөх суулбут. И. Эртюков. Ол эрээри тымныы оҕуһа Ураа-лаҥкыр муоһа тоһунна. Баал Хабырыыс. Тымныы муоһа төһө да тоһуннар, билигин даҕаны киэһэ-сарсыарда дьыбардаах, онуоха эбии күүстээх тыал киһини курдаттыы үрэр. В. Ойуурускай. Үтэһэтэ тостуо (туолуо) - ким эмэ эппиэттиир кэмэ кэлиэ; иэһэ ситиһиллиэ.

Настанет час расплаты для кого-л.; ответить, понести наказание.

  • Бэйи, билигин бултаан эрэбин диэн киэбиримэ, баҕар, үтэһэҥ туолуо.
    Амма Аччыгыйа
  • Хара дьай Хааннаах сабарай -- Үтэһэҥ тостон Үс төгүл кыран, түҥнэри кыран! И. Егоров

4 этии #

Нууччалыы Лютые морозы

  • Тостор тымныы - муҥутуур тымныы ырара ахсынньы Аан-даан тостор тымныынан.
    С. Тарасов
  • [Дьоллоох Дьокуускай] тостор тымныынан бобо тутар.
    Э. Соколов
  • [Тииттэр] Тостор тымныыттан үлүйбэт Үлэ дьонунуу лиҥкинэһэллэр.
    П. Тулааһынап
Өссө холобурдар (1)
  • Ср. тюрк. тос ʻразломаться на мелкие частиʼ

«Т» буукуба