ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

бэтэрээҥҥи

даҕааһын, сыһыат

Нууччалыы ближний, близлежащий

1 даҕааһын #

Бэтэрээ өттүнээҕи, чугас өттүнээҕи

Нууччалыы Ближний, близлежащий

  • Уйбаанчык үрэх толоонун саҕатынан баран истэҕинэ, бэтэрээҥҥи күөлтэн кустар көтөн тиҥинэстилэр, күөлү эргийэ көтөн халаатаан аастылар.
    В. Протодьяконов
  • Бэтэрээҥҥи хайалар анараа өттүлэригэр көҕөрөн көстөр хайалар төбөлөрө, киһи санаатын курдук, күөх тумарыкка киирэн сүтэн, көстүбэт буолуохтарыгар диэри бара тураллара, эчи, эриэккэһин!
    Г. Колесов
  • Бэтэрээҥҥи маарга туруйа турууктуур
    Н. Якутскай

2 сыһыат #

суолт. Туох эмэ буолуон иннинэ, урут

Нууччалыы Раньше, до того

  • Ытыам бэтэрээҥҥи өттүгэр, куобаҕым көстүбэт буолла

3 этии #

Бэтэрээҥҥи бэлэс - оттомо суох, мээнэ тыллаах, толкуйдаабакка, ыараҥнаппакка саҥарааччы; куба лахсыыр саҥалаах киһи Кыыс аймаҕы кыайа туппут, Дьахтар аймаҕы саба баттаабыт, Бэтэрээҥҥи бэлэс, Ааратааҥҥы айах, Сотору сокуомсук. С. Зверев

Нууччалыы Болтун, пустомеля, пустослов

«Б» буукуба