Перевод с якутского
бэтэрээ
аат тыл
Нууччалыы эта (ближайшая, передняя) сторона
1 аат тыл #
Бу (чугастааҕы, инники) өттө
Нууччалыы Эта (ближайшая, передняя) сторона
Хайа бэтэрээ өттүнэн хаптаҕай, үрэх уута түһэр аппалаах. Н. Неустроев Дэриэбинэ бэтэрээ өттүн диэки тумул үрдүгэр баар икки нууччалыы ампаар дьиэлэри тэйиччинэн биһилэх курдук иилэн ылан баран, ытыалыы сытар дьон көһүннүлэр. Эрилик Эристиин Тумул бэтэрээ өттүгэр бачыгыраспыт хойуу дулҕалаах, кыра-кыра уу аһаҕастардаах намыһах хотоол харааран сытара Н. Заболоцкай
2 этии #
Нууччалыы Очень быстро, в мгновение ока
Этиилэр
Көрүөх бэтэрээ өттүгэр көр көрөн баран чыпчылыйыах бэтэрээ өттүгэр
[Кыырт] көрүөх бэтэрээ өттүгэр, кус үрдүгэр баар буолла да, тыас тыаһа “тас” гына түһэрин кытта, кус бураллыбытынан сиргэ “тис” гына түстэ.
Суорун ОмоллоонХайдахтаах да күүстээх киһини көрүөх бэтэрээ өттүгэр буору харбатар дьикти тустуу албастарын ымпыктаан-чымпыктаан билэр саҥа учуутал секциятыгар Одьулуун ыччатын _ _ барыта суруйтарбыта. Е. Неймохов
Өссө холобурдар (1)
Көрүөх бэтэрээ өттүгэр кимберлит боруодата кутуллубут бадьаата күөрэйэн тахсар. ДФС КК
Эҕирийиэх бэтэрээ өттүгэр көр эҕирий
[Чыычаах] Тыйыс-хара былыты Тэлэ тыыран, Этэн баран эҕирийиэх Бэтэрээ өттүгэр Элэс гынан Мүччү түһэн көппүтэ.
Суорун ОмоллоонАтыттан мүччү ойон түстэ. Атын туора сиэтэн таһааран, [көнтөһүн] талах мутуга ииллэ. Тохтоон тыас иһиллээтэ. Ити барыта этэн баран эҕирийиэх бэтэрээ өттүгэр буолла. М. Доҕордуурап
Этиэх бэтэрээ өттүнэ (өттүгэр) көр эт
Биэс киһи этиэх бэтэрээ өттүнэ тоҕус атахтаах араҥас оҕустулар. Саха фольк Чэбдик уостарын ньимиччи туттан, килбиктик мичээрдээбитинэн ааһа турда. Ити барыта сүрдээх сымсатык, нарыннык, этиэх бэтэрээ өттүгэр дөбөҥнүк буолла. Амма Аччыгыйа