ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

эҕирий

туохтуур

Нууччалыы втянуть воздух в себя через рот, вдохнуть, сделать вдох

1 туохтуур #

Айаххынан салгыны күүскэ тыынан ыл

Нууччалыы Втянуть воздух в себя через рот, вдохнуть, сделать вдох

  • Сымнаҕас окко тиэлийдэ, ахтылҕаннаах сирин илиитинэн имэрийдэ, от-мас сытын түөһүн муҥунан эҕирийдэ.
    И. Данилов
  • Кини сөрүүн салгыны түөһүн муҥунан эҕирийэн чэпчииргэ, дьэгдьийэргэ дылы буолла.
    П. Филиппов
  • Николай Семёнович кэбиниэтиттэн тахсаат, салгыны күүскэ эҕирийдэ
    Дьүөгэ Ааныстыырап

2 туохтуур #

Дьалкыҥнаан, күүскэ балкыырданан үөс диэки илт, илдьэ бар (хол., өрүс долгуна)

Нууччалыы Затянуть вглубь, унести течением в воде

  • Кинини [байыаһы] өрүс баараҕай баппаҕайдарынан кууһан ылан, үөһүн диэки эҕирийэн кэбиспитэ. Софр. Данилов. Кэннибиттэн халҕаһа долгун кэлэн, атахпын өрө күөрэтэн, тааска сиспинэн тиэрэ быраҕар, онтон иһирдьэ муораҕа эҕирийэн киллэрэр.
    Н. Якутскай
  • Дьахтары муора иһирдьэ эҕирийэн ылла
    Н. Габышев

3 этии #

Нууччалыы соотв. в мгновение ока

Этиилэр

Үрдэр антах, өҕүрүйдэр (эҕирийдэр) бэттэх көр өҕүрүй

Кинилэргэ үрдэр антах, эҕирийдэр бэттэх, биһиэхэ

кур төҥүргэс.

  • С. Федотов.

Эҕирийиэх икки ардыгар

олус түргэнник Киһим тугу да хардарбата, эҕирийиэх икки ардыгар тохтуу түһэн, мин диэки кылап гына көрө-көрө, сүүһүгэр бычыгыраабыт көлөһүнүн туора-маары соттумахтаата.

  • Эҕирийиэх икки ардыгар -- өйүн сүтэрэн ылбыта. "Кыым".

Эҕирийиэх түгэнигэр (түгэнэ)

эҕирийиэх икки ардыгар диэн курдук.

  • Эҕирийиэх түгэнэ мотуоркабыт уунан туолла.
    Н. Абыйчанин
  • Эҕирийиэх түгэнигэр төбөтүгэр урукку умнуллубат күннэр күлүмнэһэн аастылар.
    ХС
Өссө холобурдар (3)
  • эҕирийиэх иннинэ (бэтэрээ өттүнэ) көр эт I. Этэн баран Эҕирийиэх иннинэ, Суос-соҕотохто тыас тыаһа Сур гына түстэ.
    П. Ойуунускай
  • Эҕирийиэх иннинэ Чурумчуку сордооҕу Тууйа, бобо тутаннар, Чороччу тула сыаптаатылар. Эллэй. [Чыычаах] Этэн баран Эҕирийиэх Бэтэрээ өттүнэ Элэс гынан, Мүччү түһэн көппүтэ.
    Суорун Омоллоон
  • Ср. кирг. эҥирэй ʽиметь вид человека с раздутыми ноздрямиʼ, ʽпетушитьсяʼ

«Э» буукуба