ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

түгэн

туохтуур, аат тыл

Нууччалыы попасть, угодить куда-л., не имея на это намерения. [Маайака:] Ычча, баралларын көрөөрү дэлби тоҥнум, Ньукуум хайдах сылдьар, туохха-туохха тиксэн, түгэнэн иһэр буолла

Ис хоһооно · 5
I

1 туохтуур #

Санаабакка сылдьан ханна, туохха эмэ тиий-тигис, түбэс

Нууччалыы Попасть, угодить куда-л., не имея на это намерения. [Маайака:] Ычча, баралларын көрөөрү дэлби тоҥнум, Ньукуум хайдах сылдьар, туохха-туохха тиксэн, түгэнэн иһэр буолла

  • Ыйдаҥа мин манна Ыраас ыйы одуулуубун: – Тапталлааҕым ханна, ханна Түгэннэҕэ буолуой? – диибин.
    Л. Попов
  • Кыһалҕа обургу кыһайан кыһыл атахтаах, тиийбэтэххэр тиийэн, түгэммэтэххэр түгэнэн эрдэҕиҥ эбээт.
    Н. Босиков
  • Өссө көлүөһэ үрдүгэр хас суукка сылдьарбыт, олорорбут билли бэт. .. Ханна, ханна тиийэрбит, түгэнэрбит эмиэ билли бэт
    С. Никифоров
II

2 аат тыл #

Туох эмэ буолар, оҥоһуллар кэмэ

Нууччалыы Время, в которое происходит, совершается что-л., момент

  • Ийэм тугу эрэ санаан олорбохтуура, ол түгэҥҥэ кырдьа быһыытыйара.
    И. Гоголев
  • Ити түгэҥҥэ кыыс төбөтө чуҥ гыммыта да, сыарҕаттан тиэрэ таһылла түспүтэ.
    С. Никифоров
  • Болокко кыһалҕалаах түгэн тирээтэ.
    Н. Заболоцкай
Өссө холобурдар (4)
  • Субу түгэҥҥэ дьиэттэн адьас чугас кусчут саатын тыаһа ньириһийдэ
    И. Никифоров
  • Тугу эмэ оҥорорго тоҕоостоох кэм, сөптөөх тоҕоос, быыс. Θ Удобное время, удобный момент для осуществления чего-л. [Эһэ] ыттарар түгэн биэрбэт, сырбалдьыйан олорор.
    Л. Попов
  • Хас эмэ хонугу быһа сииктээх окуопаҕа сыппыт саллаакка кулуһун уотугар иттэ түһэр түгэн тосхойуо – ол дьоло.
    С. Федотов
  • Маны кини дьиэтигэр таарыйан хаалларар түгэн булбатаҕа
    Н. Заболоцкай

3 аат тыл #

Быстах көстүү, түбэлтэ

Нууччалыы Событие, случай, происшествие. Түһүгар эмиэ сүдү көстүү!

  • Хор, мин бачча сааспар диэри Эбэм [Өлүөнэ] маннык улуу түгэнин биирдэ даҕаны түбэһэн көрө иликпин.
    Н. Лугинов
  • Кыра сылдьан биир маннык түгэн буолбутун билиҥҥэ диэри өйдүүбүн.
    В. Протодьяконов
  • Күн-дьыл ааһан истэҕин аайы сэриилэспит түгэннэргин улам умнан-төннөн, булкуйан иһэҕин.
    Н. Кондаков
Өссө холобурдар (1)
  • Уочарка – эпическэй литература көрүҥэ; романтан, сэһэнтэн, кэпсээнтэн атына – дьиҥнээх олохтон ылыллыбыт түгэни, дьону көрдөрөр
    ВГМ НСПТ

4 аат тыл #

Туох эмэ хайа эмэ туспа өрүтэ, тугунан эмэ уратыланар өттө

Нууччалыы Отдельная сторона какого-л. явления; момент

  • ээн олох уустук түгэннэрин уонна киһи ис дууһатын хамсааһынын, өйүн-санаатын көрдөрөр тиэмэҕэ суруллубут. СЛСПҮ. Биһиги оройуоммутугар быһаарылла илик түгэннэр аҕыйаҕа суохтар
    Кыым

5 этии #

Нууччалыы В один миг, в мгновение ока

Этиилэр

Көрүөх (чыпчылыйыах) түгэнэ

бэрт түргэнник, киһи көрүөн икки ардыгар Уола көрүөх түгэнэ элэс гынан хаалбыт.

Кыл түгэнэ (түгэнигэр) көр кыл

  • Уол кыл түгэнинэн хабыалыы түһэн ааспыта.
  • Киэскэ төбөтүн, саннын тааска өлөрөн, кыл түгэнэ өйүн сүтэрэн ылар.

Этиэх түгэнэ

бэрт түргэнник, суһал үлүгэрдик.

Очень быстро, в мгновение ока.

  • Күлүмүс гынар күүстээх чаҕылҕаны Көрүөх түгэнэ тутан ылабын.
    Н. Босиков
  • Артур, биирдии үктэли көтүөлээн, бэһис этээскэ этиэх түгэнэ элээрэн таҕыста.
    ХС
Өссө холобурдар (1)
  • Ср. др. -тюрк. тыгын ʽвремя, момент’

«Т» буукуба