Перевод с якутского
гранит
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы гранит.
1 аат тыл #
Араас өҥнөөх бөҕө таас (үксүгэр чочуйан, нарылаан тутууга, скульптураҕа тут-лар)
Нууччалыы Гранит. Өрүстэргэ бэрт үчүгэй гранит, мрамор таастарынан биэрэк, бириистэн оҥоһуллуохтара. П. Ойуунускай. Кытыл устун сүүрдүлэр Гранит, асфальт кирилиэстэр. Л. Попов. Граниты хайаттан, сир үрдүттэн булаллар. МЛФ АҮө
2 даҕааһын #
суолт. Граниттан оҥоһуллубут
Нууччалыы Гранитный
Гранит муннуккун, күөх садкын Кууһабын, ууруубун, Москва! Л. Попов Охтубат, сууллубат Гранит остоолбоҕо Ойууланнын Модун норуоппут олоҕо. Эллэй. Нева гранит биэрэгиттэн Муустаах муораҕа тиийэ "Аврора" ньиргиэриттэн Баттал үрэллибитэ П. Тобуруокап