ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

дай

туохтуур

Нууччалыы быстро разбежаться, размахивая крыльями, намереваясь взлететь вверх

1 туохтуур #

Тэмтэйэн көппөккө, ууну кырсынан кынаттаргынан охсунан түргэнник бар, көт

Нууччалыы Быстро разбежаться, размахивая крыльями, намереваясь взлететь вверх

  • Андылар дайан талыгырастылар да, өрө көтөн хааллылар.
    Амма Аччыгыйа
  • Күөл саҕатыттан чугас таллан куоҕас дайан лаһыйар
    И. Егоров
  • поэт. Көт. Θ Взлетать; парить. Күөрэгэй чыычааҕым, Күөх оттон дайаҕын. Эллэй. Көтөрдөр салгыҥҥа дайаллар, Дайаллар да төннөн түһэллэр
    Р. Баҕатаайыскай

2 туохтуур #

Чэпчэкитик, түргэнник хаамп-сиимп, сүүр-көт

Нууччалыы Идти, ходить быстрой и легкой походкой, порхать (легко и быстро перескакивая с места на место)

  • Сөдүөччүйэ хааман-сиимэн дайбытынан барда.
    Амма Аччыгыйа
  • Гриша санаата табыллан, лыҥкыр ырыанан дайа сылдьар
    С. Тумат
  • Илиилэргин даллатан хаамп, сүүр (оҕо туһунан). Θ Ходить, бежать, взмахивая руками (о ребенке). Сибилигин аҕай тырымныы дайар оҕом, күндү доҕорум умсубуттара.
    М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (1)

3 туохтуур #

Дабыдалланан дайар кэмҥэр тиий (кус оҕотун туһунан)

Нууччалыы Дойти до поры своего оперения; подняться (встать) на крыльях (о птенцах водоплавающих птиц)

  • Анды оҕото дайыа эрэ кэрэх, көттөр көтөн үрдүгү былдьаһар
    П. Филиппов

«Д» буукуба