Перевод с якутского
дархан
даҕааһын
Нууччалыы очень солидный, серьезный
Ис хоһооно · 6
1 даҕааһын #
, эргэр
Кини [Тыгын] улахан уолуттан улаҕалаах дириҥ өйдөөх түспэ дархан киһи тахсыа суоҕун кини билбитэ ыраатта. "Чолбон". [Турок] улахан баай, тойон-хаан киэптээх, аҥныбыт дархан киһи. ХС Тэҥн. дьоһун, нүһэр
2 даҕааһын #
Өс киирбэҕэ суох олус дьоһуннаах, нүһэр
Нууччалыы Очень солидный, серьезный
3 даҕааһын #
Дархамсык, дьоһумсуйа туттар
Нууччалыы Высокомерный, напускающий на себя важность, надменный
Уус ойоҕо дархан, ойуун ойоҕо дьохтоох (өс хоһ.). Ол улуу Эбэ иччитэ дархан хотун быһыылааҕа. Биирдэ эмэтэ уу сэбин алгыы киирдэххэ, эчикийэ иҥиэттэн, "эй-ээх" диэн биэрбэтэ сүрдээх буолара. Болот Боотур [Сыгаан] Дархан кырасаабыссаҕа Аалай былаат бэлэхтиир И. Гоголев
4 даҕааһын #
поэт. Аарыма улахан, баараҕай (көстүүтүнэн, кээмэйинэн)
Нууччалыы Великий, громадный, огромный (по размерам, по величине)
Халыма дархан хайалара Кини [тыраахтар] тыаһынан аар тайҕалара Күһүгүрүү күлэллэр. И. Эртюков Дьиктикэҕин, дархан Ленам! Сиртэн дуу, халлаантан дуу, Төрдүҥ хантан саҕаланар? И. Гоголев Биһиги дархан, суодал суорба таастар тэллэхтэригэр балааккабытын туруорбуппут И. Гоголев
5 этии #
Этиилэр
Аан дархан андаҕар (тыл, мэктиэ) көр аан дархан
Баттаабыты баһын быһа, Иҥсэрбити илиитин кэрдэ туруохпут диэн, Аан дархан андаҕары Андаҕайдахпыт буоллун!
Суорун ОмоллоонФестиваль кыттыылаахтара бүттүүн туох кыаллары барытын оҥорорго аан дархан андаҕар биэрбиттэрэ. С. Тарасов
Өссө холобурдар (1)
Көҥүл, дьол, таптал иһин, -- оҕо дьоллоох мичээрин иһин ийэлэр сэргэхтик туруохпут диэн андаҕар аан дархан тылларын долгуйан этэҕит. И. Егоров
6 этии #
Этиилэр
Дархан олох көр биллэрик
Кыыс аанньал таҥара көтөҕүүлээх кыыстаах уол киирэннэр дархан олох үрдүнэн таҥара холоругар таҥараларын уурдулар уонна чүмэчи уматтылар. ИН Х Б. Ср тюрк. тархан, дархан ‘привелигированное сословие’