Перевод с якутского
номоҕон
даҕааһын
Нууччалыы приятный, серьезный, деловой
1 даҕааһын #
даҕ
Номоҕон ньуурдаах Ньулугур уҥуохтаах Нуучча кыыс оҕото.
Өксөкүлээх ӨлөксөйУчаастак урукку инженерин, кырдьаҕас номоҕон киһини, суол оҥоһуутун тохтуҥ диэн, Мухтуйаҕа ыҥыран ылбыттар. Л. Попов Дьүһүнүнэн-бодотунан даҕаны сылыктаатахха, -- мааны таҥастаах-саптаах бэрт номоҕон, хотун-хаан көрүҥнээх дьахтар быһыылааҕа Тумарча
2 даҕааһын #
Ис киирбэх, оттомноох, дьоһуннаах, үчүгэй сэбэрэлээх
Нууччалыы Приятный, серьезный, деловой (о внешности человека)
3 даҕааһын #
Көрсүө, өйдөөх, толкуйдаах (киһи тылын-өһүн, быһыытын этэргэ)
Нууччалыы Разумный, толковый (о речи, поведении человека)
Кини кими барытын биир көрсүө көрүүтүнэн, биир номоҕон тылынан кутун-сүрүн тутара.
Суорун ОмоллоонСр. эвенк. номокон, нег., маньчж. номохон, бур. номгон, монг. номхон ‘смирный, спокойный’, монг. номухан ‘приветливый’