Перевод с якутского
ночоот
аат тыл
Нууччалыы убыток, урон, недостача
1 аат тыл #
Тугу эмэ ороскуоттаан сүтэрии, туох эмэ сабыдыалыттан хоромньу тахсыыта, сүтүк
Нууччалыы Убыток, урон, недостача
Афанасий Сидоров, эдэр эрдэҕинэ, биир сайын табаар ылан эргитэбин диэн, улахан ночоокко оҕустарбытын өйдүү биэрдэ. М. Доҕордуурап Кураан дьыл эргийэр кэмигэр Ахса суох ночооту аҕалар. Д. Апросимов Бөрө наһаа элбээн уонна олус тэнийэн, кини оҥорор алдьатыыта уонна ночоото элбээн иһэр ХС
2 аат тыл #
Тугу эмэ оҥорорго кыаллыбат түбүк, кыһалҕа, эрэй
Нууччалыы Трудное положение, серьезный недостаток, ущерб
Арба даҕаны, аны умнан кэбиһэ сыстым ээ, хор суруксута суох куһаҕана, ночоото ити. А. Софронов Үөрэх, билии суоҕуттан ордук икки атахтаахха туох ночоот, сор, түҥнэри кыраныы баар буолуоҕай.
Суорун ОмоллоонРусск. начет