Перевод с якутского
сүтүк
аат тыл
Нууччалыы потеря, ущерб, убыток
Ис хоһооно · 5
1 аат тыл #
Тугу эмэ бэйэ киэнин сүтэрии, туоххуттан эмэ матан хаалыы
Нууччалыы Потеря, ущерб, убыток
Кууһума оҕонньор сөбүн этэр, сүтүгүттэн көстүбүтүн кэннэ, эн ылбытыҥ буолуо диэ суоҕа дуо? А. Софронов Ити сүтүкпүтүн биһиги син солбуммуппут, соноҕостору айааһаабыппыт, булуукка түөрт соноҕоһу көлүйбүппүт. И. Артамонов Ааспыт сылга кинилэр ыстаадалара кыстаабыт сиринэн кыыл таба улахан үөрэ киирэн эмиэ сүтүк баар буолбута. ФП МХ
2 аат тыл #
Туохха эмэ үбү-малы сүтэрии, хоромньу
Нууччалыы Ущерб, убыток, пропажа
Хас ыалдьыбыт киһи ахсын, хас киһи-сүөһү өллөҕүн, хас сүтүк таҕыстаҕын ахсын барытыгар ойууну ыҥыраллара, кыырдараллара, көрүүлэнэллэрэ. Н. Якутскай Иһит-хомуос ыраастык тутулларын, сүтүк суох буолуутун, уоруллубатын иннигэр эппиэттиир. Н. Заболоцкай Сүтүк тахсан улахан айдаан буолуоҕун, хата уолаттар тута билинэ охсон, малларын тута төннөрөн быыһаннылар ХС
3 аат тыл #
Чугас киһини сүтэрии, туохха эмэ былдьатыы
Нууччалыы Потеря, утрата (близкого человека)
Хабырыыс доҕорбут өлбүтэ Улахан сүтүкпүт буолуохтаах. Баай аймах олорон үөрбүтэ Сүрэххэ өһүнэн туолуохтаах. Эрилик Эристиин Серёжа, эргиллэ түһээт, дьиэтигэр тэбиммитэ. Бу күнтэн ыла, кини төрүөҕүттэн сүтүгүн дьэ билинэн, ийэ аһыытыгар түспүтэ.
Н. ЛугиновАлааһыам, соҕотох эн бааргын Мин күндү сүтүкпүн эрийэр – Ийэккэм сүрэҕин сылааһын Хааллаарта бу манна, эн сиргэр Чэчир-76
4 аат тыл #
Сэриигэ, ытыалаһыыга өлүү-сүтүү
Нууччалыы Человеческие потери во время боевых действий
Өстөөх оборуоната олус дириҥ уонна күүстээх буолан биэрбитэ. Икки өттүттэн сүтүк бөҕө тахсыбыта. А. Данилов Биһиги өттүбүтүттэн сүтүк суох диэххэ сөп. Арай икки байыас кыратык бааһырдылар. С. Ефремов Фашистар сөмөлүөттэрэ тиийэн кэлбиттэрэ, ол кэннэ намыһаҕынан сылдьан ытыалаабыттара. Биһиэхэ элбэх сүтүгү таһаарбыттара И. Сосин
5 этии #
Нууччалыы Невосполнимая утрата
Этиилэр
Ыар сүтүк
тугунан да солбуллубат, ыарахан сүтүк Доҕорбун сүтэрэн ыар сүтүк мин дууһабын ыга тутта.
Княжна ыар сүтүгүн туһунан, ытыы-ытыы, кэпсээбитигэр, кини эйэҕэс, көнө харахтара уунан туолбуттара.
Л. ТолстойСр. ДТС йитүк, туркм. йитик ‘пропавший, исчезнувший, потерянный, без вести пропавший’