Перевод с якутского
даҕаны
частица, холбуур
Нууччалыы даже
English even
Ис хоһооно · 5
1 #
ситим т
Турахин, тыла булдьуруйдар даҕаны, аргыһыгар элбэҕи кэпсээн барда. Эрилик Эристиин Ыксаатарбыт даҕаны, аһыыр кэм буолла буолбат дуо? С. Ефремов Санаарҕаатар даҕаны, баран иһэр Н. Габышев
2 #
Төннүктүүр салаа этиилэри уонна араарыллыбыт бөлөхтөрү тутаах этиигэ холбуурга -тар формалаах болдьуур киэби кытта туттуллар
Нууччалыы Употребляется для присоединения уступительных придаточных предложений и оборотов к главному предложению, примыкая к глаголу в форме условного наклонения на -тар (хоть, хотя)
3 #
Болдьох-төннүктүүр суолталаах салаа этиилэри, араарыллыбыт бөлөхтөрү тутаах этиигэ холбуурга туттуллар
Нууччалыы Употребляется для присоединения условно-уступительных придаточных предложений и оборотов к главному предложению (если хоть и)
Өҥ кэллэҕинэ даҕаны, биһиэхэ оттуур ходуһа санаатынан баар буолан кэлиэ суоҕа. М. Доҕордуурап [Оҕолор] биирдэрэ биирдэригэр баран биэс-алта хонон хааллаҕына даҕаны, дьонноро мөхпөт этилэр. Дьүөгэ Ааныстыырап. Дьэ уонна кэллэхтэринэ даҕаны, бандьыыттар биһигиттэн туохпутун былдьаан-талаан барыахтарын сөбүй? Н. Заболоцкай
4 #
Төннүктүүр-утарар суолталаах салаа этиилэри, араарыллыбыт бөлөхтөрү тутаах этиигэ холбуурга туттуллар
Нууччалыы Употребляется для присоединения уступительно-противительных придаточных предложений и оборотов к главному предложению (хотя но)
Лаампалары эҥиннэри барытын эргийдэ даҕаны, биллибэт. Эрилик Эристиин [Дуолан Хара:] Мин эйигин күн аайы харахпынан Кымыс курдук киллиргэччи Ыймахтыыбын даҕаны, Хараҕым утаҕа хана илик. И. Гоголев Сайын аайы булуус туһунан айдаарабыт даҕаны, тылбыт таах хаалар ХС
5 #
Биир уустаах чилиэннэри кэккэлэччи аҕалан ситимнииргэ туттуллар
Нууччалыы Употребляется для перечислительного соединения однородных членов предложения (и)
Кини миигиттэн кыра даҕаны, мөлтөх даҕаны. Амма Аччыгыйа Биир саас Манчаары ийэтэ аһыырынан даҕаны, отунан даҕаны олох быстан хаалбыт МНН