ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

диэлий

туохтуур

Нууччалыы превосходить, превалировать

Ис хоһооно · 4

1 туохтуур #

Булкуһан сүппэккэ баһыйан таҕыс, ордук билин (туох эмэ тус-туһунан булкуспутуттан биирэ баһыйарын этиллэр)

Нууччалыы Превосходить, превалировать (напр., преобладание одного цвета над другим)

  • Үрүҥ түүннэр диэлийэллэр, Чуумпутук сипсийэллэр. Нарын-наскыл тыллары, Поэт да булбат тылларын.
    С. Данилов
  • Биир кыырпах маргааҥка өҥө хас да лиитирэ ууга диэлийэн, бүтүннүүтүн кытархай оҥорор. СГФ СКТ. Төһө да маҥаны былаабыт иһин кыһыл кырааска сырдыы охсубат, диэлийэ турар
    ХС

2 туохтуур #

Билин-көһүн, көбөн таҕыс

Нууччалыы Возникать, обнаруживаться; зарождаться

  • Ыраах, түҥкэтэх лүҥкүрэн турбут Саха сиригэр сирэйэ-хараҕа суох баттал-атаҕастабыл уон оччонон диэлийэрэ.
    А. Данилов
  • Саҥа олох сардаҥалаах сырдыгынан сыдьаайбыта дьон аатыгар-суолугар [псевдонимыгар] кытта диэлийбит. ФЕВ УТУ. Бэрт солуута суохтан хохучуоллаһыы, иирсээн туоҕунан диэлийэн тахсыа биллибэт этэ
    ХС

3 туохтуур #

Ордук тарҕанан тэний, дэлэй

Нууччалыы Распространяться; расширяться

  • Мутукча-сэбирдэх Муҥутуу туруохтун, Дьэрэкээн сибэкки Диэлийэн иһиэхтин.
    Күннүк Уурастыырап
  • "Банкет" диэн -- баараҕай малааһыннар оччолорго диэлийэ илик этилэр.
    Амма Аччыгыйа
  • Үлэтэ суох буолуу тыа сиригэр эрэ диэлийбит суол буолбатаҕа.
    И. Аргунов
Өссө холобурдар (1)
  • Тугу барытын атыыга, эргиэҥҥэ, барыска кубулутуу имэҥэ манна кытта диэлийэр
    ХС

4 этии #

Нууччалыы Иметь плохое последствие; иметь осложнение

Этиилэр

Тугунан эмэ диэлий

туох эмэ куһаҕан содуллаах буол Кини, бука, кэлин бу дьыала тугунан диэлийэн тахсыаҕын сэрэйдэҕэ буолуо.

  • "Кыым"

«Д» буукуба