ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

чаалый

туохтуур

Нууччалыы выступать, проступать, просачиваться (о воде). [Умуһахтарын түгэҕиттэн ууну] баһа сатаабыттара да, кыайан бүтэрбэтэхтэрэ – уулара чаалыйан тахса турара

1 туохтуур #

Туох эмэ (хол., кумах) быыһынан өтөн, бычыгыраан таҕыс (ууну этэргэ)

Нууччалыы Выступать, проступать, просачиваться (о воде). [Умуһахтарын түгэҕиттэн ууну] баһа сатаабыттара да, кыайан бүтэрбэтэхтэрэ – уулара чаалыйан тахса турара

  • Сир-дойду курдаттыы илийэн, ыгыллыбатах таҥас курдук, киһи хаамтаҕына быллырҕас уу чаалыйар буолбут.
    ХС
  • Өрүс кытыла буолан, аҕыйах лаппаакы кумаҕы быраҕарбытын кытта -- аллараттан сыыйа чаалыйан уубут эбиллэн испитэ
    Чолбон

2 туохтуур #

Сүтэн, симэлийэн хаалбакка буола, биллэн кэлэ тур (хол., ханнык эмэ кистэнэ сатыыр дьыаланы эбэтэр курус иэйиини этэргэ)

Нууччалыы Проявляться, обнаруживаться, несмотря ни на что (о чём-л. утаиваемом или умалчиваемом, напр., об эмоции)

  • Маннык дьыала [Уулаахтааҕы абаарыйа] таах хаалбат, хайаан да тугунан эмэ чаалыйан тахсыахтааҕа.
    В. Гаврильева
  • Курус санаа -- син биир кини дууһатыгар чаалыйан өтө турар.
    И. Сысолятин
  • Өстөһүү билигин да умнуллубакка, ханан эрэ чаалыйан тахсара. С. Курилов (тылб.)

3 этии #

Этиилэр

Сүрэҕэ чаалыйар

сүрэҕин көрбүтүнэн киирэр диэн курдук (көр сүрэх I).

  • [Федора Валерьевна] сыалаах эти сиэбититтэн дуу – сүрэҕэ өҕүйүөхтүү чаалыйда.
    Е. Неймохов
  • Ср. ДТС чал ʽбить, выколачиватьʼ, кирг. чаалы ʽизнемогать, обессиливатьʼ, маньчж. чали ʽизнурятьсяʼ

«Ч» буукуба