Перевод с якутского
долбуур
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы полка
English shelf
Ис хоһооно · 5
1 аат тыл #
Тугу эмэ (хол., кинигэлэри, иһити-хомуоһу) уурарга аналлаах, истиэнэҕэ эбэтэр туохха эмэ сыһыары иҥиннэриллибит хаптаһын; оннук хаптаһыннар кэккэлэрэ
Нууччалыы Полка (горизонтальная доска, плоскость из твердого материала для различных предметов)
Балбаара хаҥас диэки долбуурга турар алтан сылабаары ылан, чэй өрүөх курдук быһыыланна Эрилик Эристиин
2 аат тыл #
Пуойас богуонугар сытарга (эбэтэр таһаҕаһы уурарга) аналлаах миэстэ
Нууччалыы Место для лежания в железнодорожном вагоне, лежак
Сорох дьон богуон иккис долбууругар эрдэ түбэһэннэр, утуйан абыранан, муннулара буччугунуур Амма Аччыгыйа Кэтит долбуур тэлгэхтэнэн ыла-ыла күөл кытыытыттан сис оройун диэки өрө тардыстыбытынан барар дабаан сир эбит. Амма Аччыгыйа Бэркэ сэрэнэн кырыы тааһы кыйан, улахан долбуур тааска тиийэн, сынньанан баран аллара түстүм Т. Сметанин
3 аат тыл #
Хайа, үрдэл эниэтигэр баар сытыары көнө миэстэ (тард. ф. -гар тут-лар)
Нууччалыы Горизонтальное, ровное место, расположенное на склоне возвышенности или горы; выступ (употр. в притяж. ф.)
В. Н. Захаров эһэни бултуу сылдьан, хайа долбууруттан сүлүүдэ дьапталҕатын булбута ДНА СХБКК
4 даҕааһын #
суолт. Сытыары, иҥнэритэ суох (хайа эбэтэр үрдэл эниэтин этэргэ)
Нууччалыы Горизонтальный, ровный (о склоне горы или возвышенности)
5 этии #
Нууччалыы Полка для икон
Таҥара долбуура эргэр. – таҥара күлүгүн туруорарга оҥоһуллубут кыра долбуур Сорох кырдьаҕастар таҥара долбуурун диэки мылах гына көрөн, кириэстэнэн ыллылар. М. Доҕордуурап Тэҥн. таҥара холоруга. Ср. п. -монг. талбиҕур ‘доска или шесть для вешания платья, мяса и пр. ’