ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

дуу

кэнники тыл

Нууччалыы выражает вопрос с различными оттенками

Ис хоһооно · 6

1 кэнники тыл #

Ураты, тус-туһунан (туоһулаһыы, саарбахтааһын, сэрэйии, абарыы эҥин) дэгэттээх ыйытыыны бэлиэтиир

Нууччалыы Выражает вопрос с различными оттенками (выведывание чего-л., сомнение, догадка, возмущение)

  • Соҕотоҕун саҥара сылдьар куһаҕана бэрт буолара дуу?
    Амма Аччыгыйа
  • Уой, баччааҥҥа диэри саҥата суох тураҕын дуу?
    С. Данилов
  • [Маайыс:] Тыый, Сарапыана, маннык үчүгэй көрүҥнээх буолан баран, эмиэ ыарыһаххын дуу?
    С. Ефремов

2 кэнники тыл #

Саҥарааччы саарбахтыырын, кэтэмэҕэйдиирин көрдөрөр

Нууччалыы Выражает сомнение, колебание говорящего

  • Арааһа, хаартыскаҕа түспүт ырбаахыта дуу.
    С. Данилов
  • Бэригэ суох сатаан билсибэт дьон дуу, тугуй.
    С. Ефремов
  • "Ойуур быыһынан чолбон көстүбүтүн уот диэбиппит дуу, хайа үөдэн дуу", – диэтэ Мотуруона
    Кыым
Өссө холобурдар (2)
  • Ол икки ардыгар кэннигэр эмискэ туох эрэ саҥа дуу, тыас дуу -- сыыгыныы түстэ.
    Н. Заболоцкай
  • – Чэ, бэйи, сатанар дуу, сатаммат дуу, этэн көрүүм
    М. Доҕордуурап

3 кэнники тыл #

Эбит диэн эбиискэни кытта саарбахтааһыннаах сэрэйэн көрүүнү эбэтэр туох эмэ урут суох көстүбүтүн бэлиэтээн этэргэ туттуллар

Нууччалыы С частицей эбит выражает неуверенное предположение или обнаружение кого-чего-л. – Оо, мэтээлгин иилиммит эбиккин дуу

  • Кыыһырбыта ааспатаҕа дуу биитэр кыбыстара эбитэ дуу.
    С. Данилов
  • – Бай, эһиги турар эбиккит дуу, – дириэктэр Кубаров киирэн, бэйэтин хоһугар ааһан иһэн тохтоото
    ХС

4 кэнники тыл #

Саҥарааччы абаккарыытын, суланыытын көрдөрөр

Нууччалыы Выражает негодование, сетование говорящего

  • Муҥ саатар, түүлбэр дьоллоох буоллаҕым дуу!
    А. Софронов
  • – Саатар үлэһиттэрин үчүгэйдик аһатар баҕас буоллахтара дуу!
    Н. Якутскай

5 кэнники тыл #

Саҥарааччы көрдөһүүтүн бэлиэтиир

Нууччалыы Выражает просьбу говорящего. [Уол:] Ээ, кырдьаҕаас, уоккуттан биэриэҥ дуу, биһиги мунан, быстаран сылдьар дьоммут

6 кэнники тыл #

ситим т. суолт. Саҥарааччы иккиттэн биирин чуолкайдыы сатыырын көрдөрөр

Нууччалыы Выражает уточняющее отношение говорящего. – Ити бөппүрүөскэбин сирдиҥ дуу, биитэр букатын тарпаккын дуу?

«Д» буукуба