Перевод с якутского
дырылаа
туохтуур
Нууччалыы ощущать слабую нервную дрожь; ощущать легкое покалывание
1 туохтуур #
ан эмэ кыйар курдук биллэ-биллибэт кэйиэлээ (киһи ньиэрбэтин, этин-сиинин туһунан)
Нууччалыы Ощущать слабую нервную дрожь; ощущать легкое покалывание
Этим сааһынан ханнык эрэ сылаанньытар күүс дырылыы тарҕанар. А. Федоров Даайыс этин сааһа дырылаан, атаҕын сүһүөхтэрэ кыйан, кычыгыланан ылбыттара. Н. Заболоцкай Этим-сииним олоччу, атахпыттан төбөбөр тиийэ эмиэ дырылаан ыларга дылы гыммыта В. Гаврильева
2 туохтуур #
б. күрүс тыас туохт. суолт. Уһуннук, аһаҕастык дьириһийэн иһилин (хол., туох эмэ доргуйан, хайдан эбэтэр тырааныспар ыраахтан тыаһа эҥин)
Нууччалыы Тихо, слабо и равномерно-протяжно дребезжать (напр., о звуке при тряске, потрескивании или об отдаленном гуле транспорта и т. д.)
Мууһу тэһэ үктээтэхпинэ тыаһа түннүк тааһа үлтү барарын курдук дырылыыр. Н. Якутскай [Буомба эстибитигэр] сытар хоһум түннүгүн тааһа өрө дырылыы түстэ. С. Никифоров Эмискэ кэннигэр, ойоҕосторугар муус хайыта баран дырылаата. Н. Габышев
Өссө холобурдар (2)
Түптэлэс дьыбарга Тыраахтар дырылыыр. П. Никифоров Тюрк. дырылда