ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

дьааҥы

аат тыл, аат, даҕааһын

Нууччалыы скала, лишенная растительности; голая поверхность каменной гряды

1 аат тыл #

Ото-маһа суох, сыгынньах дьаргыл таас хайа, оннук сис хайа үрдэ

Нууччалыы Скала, лишенная растительности; голая поверхность каменной гряды

  • Адаардаах арҕастаах таас дьааҥы анныгар, Аргыардаах Аммаҕа, мууһурбут буоругар Хааннарым тохтоннор мин өлөн эрэбин.
    П. Ойуунускай
  • Хотой таас дьааҥы чабырҕайыгар тахсан далларыс гына олоро түспүт.
    Амма Аччыгыйа
  • Дьааҥылар тараҕай сүүстэрэ күн уотугар сымнаан, тиритэн-хорутан, үрдүлэрэ күдэннирэн, оргууй буруолуу олорбуттара.
    Н. Заболоцкай
Өссө холобурдар (1)
  • Саха дьоно туох да үүммэт, сыгынньах таас хайаны дьааҥы диэн ааттыыбыт
    Багдарыын Сүлбэ

2 даҕааһын #

суолт. Ото-маһа суох сыгынньах, дьаргыл таас

Нууччалыы Каменистый, скалистый, лишенный растительности. Туруук дьааҥы дурдалаах, Кырса, саһыл кыбыныылаах холкуос кыыһа Долгунча

  • Таас дьааҥы хайалары хампарытан Сир баайын көдьүүскэ күөрэттибит
    С. Зверев

3 этии #

Нууччалыы Небольшая лесная птичка из отряда воробьиных с пестрым коричневым оперением, хохолком на голове, свиристель

  • Дьааҥы бочугураһа аат., биол. – барабыайдар этэрээттэригэр киирсэр кугастыҥы эриэн дьүһүннээх, төбөтүгэр көҕүллээх тыаҕа олохтоох обургу чыычаах "Бүлүү тардыытын көтөрдөрө" диэн кинигэтигэр дьааҥы бочугураһын баттахтаах чыычаах диэн ааттыылларын бэлиэтээбит. АБН ПВ
    Б. Эвенк
  • йаҥ, дьаҥ

«ДЬ» буукуба